Киин куорат оскуолаларыгар бастакы кылааска төрөппүттэртэн уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэртэн сайабылыанньалары ылыы салҕанар.
Билигин балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри бастакы кылаастарга киирэргэ сайабылыанньаны ылыы иккис түһүмэҕэ барар. Бу туһунан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Кэтээн көрүү дааннайынан, бастакы кылааска 5 783 миэстэ былааннаммытыгар 5 034 оҕо киирбит, 202 сайабылыанньа киирбититтэн докумуона бэрэбиэркэлэнэр, өссө эбии 551 миэстэ аһаҕас турар. Бастакы түһүмэххэ маҥнайгы кылааска 4 398 оҕо ылыллыбыт.
Коррекционнай оскуолаларга сайабылыанньалары психолого-медико-психологическай хамыыһыйа (ПМПК) сүбэлэринэн ылаллар. Быйыл коррекционнай оскуолаларга 10 бастакы кылаастара аһыллар, манна 115 миэстэлээх. Маны таһынан, коррекционнай кылаастар 26 №- дээх орто анал оскуола, 30 №- дээх орто оскуола уонна 1 №- дээх Марха оскуолатын иһинэн аһылыннылар.
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…