Салгыы
Дьокуускайга бэлисипиэт сезонун астылар

Дьокуускайга бэлисипиэт сезонун астылар

Ааптар:
18.03.2024, 17:27
Хаартыска: https://t.me/veloykt
Бөлөххө киир:

Бэлисипиэт тэбэри астынар дьон түмсүүлэрэ бэҕэһээ, кулун тутар 17 күнүгэр, саҥа сезону аһан, Дьокуускайтан Хатаска, онтон Аллараа Бэстээххэ айаннаан, бара-кэлэ 45 км кэриҥэ усталаах суолунан айаннаатылар. Бу туһунан https://t.me/veloykt ханаалга отчуот таҕыста.

Билигин даҕаны бэлисипиэт тэбэргэ сөптөөх кэм кэлэ илик, онон маннык мууһунан, хаардаах суолунан айанныырга көлүөһэҕэ кыһыҥҥы, тимирдээх эрэһиинэ кэппит ордук. Оннук эрэһиинэ суох буоллаҕына, улахан моһуок буолбатах – арыый элбэхтэ охторго бэлэм буол”, — диэн этэр бу тэрээһин салайааччыта Евгений Никифоров. Сарсыарда 9 чаастан «Умуллубат уот» пааматынньыгын аттыттан түһүммүттэр. Суолга турунуохтарын иннинэ суол быраабылаларын тутуһар туһунан уонна ыраахтан көстөр тэтэркэй таҥас кэтэллэрин тоһоҕолоон эппиттэр.

40-тан тахса киһи суолга туруммутуттан тиһэх биэтэккэ 37 киһи кэлбит. Сорохтор Хатаска даҕаны тиийбэтэхтэр. 

Сорохтор аһары чараастык таҥныбыттара мэһэй буолбут. Сарсыарда -29 кыраадыс эбит буоллаҕына, күнүһүн -15 кыраадыска диэри сылыйбыт. Ол эрэн, өрүс туспа килиимэттээх – уорааннаах салгын чараас таҥастаах киһини тулуппат.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: