Дьокуускайга бөлүүн буолбут баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ анаан гуманитарнай көмө хомуллар

Share

Дьокуускайга бөлүүн Борисовка-2 уулусса 1-кы №-дээх дьиэтигэр буолбут баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо анаан гуманитарнай көмөнү хомуйан эрэллэр. 60 киһини эвакуациялаан, Гагаринскай уокурук управатыгар быстах кэмҥэ олохтоотулар.

Баҕалаах дьон бородууктанан, иһэр уунан уонна сылаас таҥаһынан (куопта, куурка, колгуокка, бэргэһэ, атах таҥаһа), итиэннэ хаһаайыстыбаҕа туттуллар малынан, төлөпүөнү сэрээттиир тэриллэринэн көмөлөһүөхтэрин сөп. Көмөнү маннык аадырыска туталлар: Можайскай уул., 13/3г, 1-кы куорпуһа.

Санатан суруйдахха, балаҕан ыйын 28 күнэ үүнэр түүнүгэр Дьокуускай куоракка Борисовка-2 уулуссатын 1-кы №-дээх дьиэтигэр баһаар буолбута. Уот барыта 400 кв. м. иэннээх сиринэн дьиэ тас бараанын уонна тоҕус кыбартыыраны ылбыта. Хомойуох иһин, баһаарга биир эр киһи тыына быһынна, итиэннэ 1967 с.т. дьахтар эчэйбитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago