Дьокуускайга эдэр дьон сарсыарда сүүрэ тахсыбыт уолга саба түспүттэр. Уорбаланааччылар кимнээх буолаллара быһаарыллынна. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьокуускайдааҕы 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар төрөппүттэн оҕотун кырбаабыттарын туһунан сайабылыанньа киирдэ. Оҕо сарсыарда эрдэ соҕотоҕун сүүрэ тахсыбыта быһаарылынна. Ол кэмҥэ кинини таһырдьа икки биллибэт киһи тохтоппут. Хара санаалаахтары кытта тыл тылга киирсэн иирсээн тахсыбыт. Уорбаланааччылар оҕону сирэйгэ охсубуттар уонна миэстэтиттэн куоппуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччылары туттулар. Кинилэр 19 уонна 23 саастаах эдэр дьон буолаллара билиннэ. «Күлүгээннээһин» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччылар 7 сылга диэри болдьоххо көҥүллэрэ быһыллыан сөп.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…