Дьокуускайга Ленин болуоссатыгар биир саҥа сэргэ алмааһа икки аҥыы арахсан алдьанна.
Ил Дархан иһинэн тэриллибит Архитектура уонна градостроительство управлениетыгар иһитиннэрибиттэринэн, сэргэ алмааһын кыраан таарыйбыт, түмүгэр саҥа сэргэ алмааһа икки аҕыы арахсан алдьаммыт.
«Сэргэлэри ыраастыыр үлэ кэмигэр кыраан биир сэргэ алмааһын таарыйбытыгар алдьаммыт. Бэдэрээтчит «Сэргэ» ГК алдьаммыт сэргэ элэмиэнин көтүрэн уларытыаҕа. Саҥа алмаас мэктиэ үлэ чэрчитинэн оҥоһуллуоҕа.
Бу быһылаан Ленин болуоссатын официальнай аһыллыытын сиэригэр-туомугар сабыдыаллаабатын бэлиэтиир наадалаах Аһыллыы сиэрин-туомун күнэ быһаарыллар. Бу туһунан эбии иһитиннэриэхпит», – диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Ленин болуоссатын саҥардыы үлэтэ, урут былааннаммытын курдук, алтынньыга түмүктэниэҕэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…