Дьокуускайга оптуобус суоппара көҥүлэ быһылынна
Дьокуускай куорат борокуратууратын ирдэбилинэн 57 саастаах эр киһи холуобунай дьыалатыгар суут судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Кини алҕас киһини өлөрүүгэ буруйданна.
«Суут быһаарыытынан былырыын олунньу ыйыгар сууттанааччы Дьокуускай куорат Можайскай аатынан уулуссанан Маҕан трассатын хайысхатын диэки түргэн сырыылаахтык айаннаан иһэн, салон иһигэр пассажирдарга аралдьыйан, киһини түҥнэри көппүт», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Суол быһылаанын түмүгэр эмсэҕэлээччи ылбыт эчэйиититтэн миэстэтигэр суорума суолламмыт. Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы ирдэбилин учуоттаан, эр киһини 2 сыл 6 ыйга болдьоххо көҥүлүн быһарга уураахтаата, 2 сыл болдьоххо тырааныспары ыытар көҥүлүн быһарга бириигэбэрдээтэ. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: