Дьокуускайга параспортсменнар ортолоругар пауэрлифтиҥҥа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ саҕаланна

Share

Тирэнэр-хамсанар аппарааттара эмсэҕэлээбит уонна мөлтөхтүк көрөр дьон ортотугар пауэрлифтиҥҥа Саха сирин чөмпүйэнээтигэр быйыл өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан 48 спортсмен кыттар. Күрэхтэһии бүгүҥҥүттэн “Самородок” бассейҥҥа саҕаланна.

Чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыытыгар Бойобуой ускуустубалар Арассыыйатааҕы сойуустарын толорооччу дириэктэрэ, каратэ  (всестилевай каратэ) федерациятын бэрэсидьиэнэ Рамиль Габбасов эҕэрдэ тылын тиэртэ: “Эһиги быһаарыныыгыт, кытаанах уонна хорсун санааҕыт атыттарга холобур буолар. Иннигит диэки дьулуһан, саҥа рекордтары оҥорон иһиҥ уонна туруоруммут сыалгытын ситиһиҥ”.

Санатан эттэххэ, чөмпүйэнээт 2014 сылтан, адаптивнай физическэй култуура уонна успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ тэриллиэҕиттэн ыла ыытыллар. Тэрээһин Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар ананар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

4 часа ago