Дьокуускайга, итиэннэ үгүс оройуоннарга туман ааһан, сыыйа сылыйан иһэр. Саха сиринээҕи УГМС өрөбүллэргэ хайдах күн-дьыл буоларын иһитиннэрэр.
Субуотаҕа өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кыраадыс -23…-25 буолуоҕа, түүнүн -31…-33°.
Киин оройуоннарга түүннэри -30…-35, оттон күнүс -23…-28 диэн сабаҕалыыллар. Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр түүн тымныйыаҕа — -43…-48, оттон күнүс -38…-43. Соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга күнүһүн -17….-22 буолара күүтүллэр.
Олунньу 3 күнүгэр Халыма-Индигиир улуустарыгар 15-23 кыраадыһынан эмискэ тымныйыаҕа дииллэр.
Өрөбүлгэ сорох сирдэринэн хаардыаҕа. Хотугулуу-арҕаа баҕар сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ.
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа санааҕын барытын толорор үһү диэн…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…