Дьокуускайга Тэхиньиичэскэй лиссиэйгэ миинэ уурбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит
Ахсынньы 4 күнүгэр сарсыарда Дьокуускай куорат Тэхиньиичэскэй лиссиэй дьиэтигэр миинэ уурбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Быраабы араҥаччылыыр уорганнара иһитиннэрбиттэринэн, иһитиннэрии сымыйа буолан таҕыста.
«Дэлби тэптэрии эттиктэрэ уонна тэрилэ көстүбэтэ. Миинэ иитиллибитин туһунан иһитиннэрии сарсыарда 10:30 чааска киирбит», — диэн быраабы араҥаччылыыр уорганнарга чуолкайдаатылар. Тэхиниичэскэй лиссиэйгэ билигин 11-с кылаастарга өйтөн суруйуу түмүк тургутуга ыытылларын туһунан иһитиннэрдилэр.
Дьокуускайга социальнай тэрилтэлэргэ миинэ иитиллибит туһунан хас да төгүл иһитиннэрии киирбит. Бэнидиэнньиккэ Дьокуускай куорат Сибээскэ уонна энэргиэтикэ кэллиэһин дьиэтигэр миинэ ууруллубут туһунан сымыйа сурах тарҕаммыта. Бу иннинэ «Туймаада» атыы-эргиэн дьиэтигэр миинэ уурбуттураны туһунан иһитиннэриилэр сымыйа буолаллара биллибитэ.
Санатан эттэххэ, дэлби тэптэрии туһунан сымыйа иһитиннэриилэри тарҕатыы иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр. Буруйдаах киһи 500 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптаныан сөп, эбэтэр 3 сылга диэри болдьоххо күһэлэҥ үлэлэринэн хааччахтанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: