Салгыы
Дьокуускайга тутуу уонна архитектура бастакы пуорума ыытыллар

Дьокуускайга тутуу уонна архитектура бастакы пуорума ыытыллар

28.02.2024, 09:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 28 күнүттэн, Саха сиригэр биир улахан суолталаах тэрээһининэн аан бастакытын тутуу уонна архитектура пуорума ыытыллар.

Тутуу уонна архитектура дэкээдэтин, Саха сирин Архитектордарын сойууһа тэриллибитэ 60 сылын чэрчитинэн, пуорум архитектура, дизайн, тутуу, ОДьКХ уонна энэргиэтикэ тэрээһиннэрин түмэр.

Санаттахха, олунньу 27-29 күннэригэр «Куруһаала» атыы-эргиэн киинигэр «Стройиндустрия Севера. Энергетика. ЖКХ»  диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ХХI улахан быыстапка аһыллан үлэлиир. Быыстапкаҕа куораттары, тыа сирин сайыннарыы туһунан кэпсэтиилэр буолаллар.

Дьыалабыай бырагыраамаҕа «Взгляд в будущее» диэн сири-уоту сайыннарыы, тутууга саҥа бырайыактары, социальнай инфраструктураны кэпсэтиэхтэрэ. Креативнай кластер экспозиционнай эйгэтигэр  икки блоктан турар улахан быыстапка баар буолуоҕа. Сыл ахсын ыытыллар архитектура уонна дизайн дэкээдэтэ тэрээһиннээхтик ыытыллар. Лиэксийэлэр, дьыалабыай кэпсэтиилэр уонна Саха сирин инникитин торумнуур култуурунай интерактивнай тэрээһиннэр, икки күн устата лиэксийэлэр, маастар-кылаастар болҕомтону тардыахтара.

Маны таһынан, оскуола оҕолоругар уонна устудьуоннарга XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи архитектурнай-художественнай олимпиада,  научнай-быраактыкалыыр кэмпириэнсийэ, Санкт-Петербург куораттан эксперт кыттыылаах сэминээр буолуохтара. Дэкээдэни түмүктүүр, оҕолору уонна устуодьуоннары наҕаараадалыыр тэрээһин муус устар 3 күнүгэр ыытыллыаҕа.

Пуоруму Куорат тутуутун уонна архитектуратын управлениета, СӨ Тутууга министиэристибэтэ, LETO YAKUTIA диэн куорат эйгэтин боппуруостарыгар үлэлэһэр киин, Саха өрөспүүбүлүкэтин тутааччыларын Сойууһа уонна Саха сирин дизайнердарын Ассоциацията тэрийэллэр.
Пуорум туһунан сиһилии СӨ кылаабынай архитектора Любовь Папок интервьюта:

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: