Дьокуускайга уу хаачыстыбата нуормаҕа эппиэттиир дуо?
Өлүөнэ өрүскэ муус уста турарынан сибээстээн, Дьокуускай куоракка иһэр, туттар уубут хаачыстыбата хайдаҕый? Бэрэбиэркэ, чинчийии ыытыллар дуо?
Ыам ыйын 16 күнүгэр ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн, ыраастаммыт тымныы уу хаачыстыбата «СанПиН» нуорматыгар эппиэттиир диэн «Водоканал» АУо иһитиннэрэр.
Өлүөнэ өрүстэн ууну ылан чинчийбиттэригэр:
Өҥө-дьүһүнэ – 121,7 град;
Болоорхойо – 12,29 мг/дм3;
Тимирэ — 1,23 мг/дм3.
Онтон бу уу ыстаансыйаҕа (1-кы водоузел) ыраастаммытын кэнниттэн:
Өҥө-дьүһүнэ – 7,2 град;
Болоорхойо – 0,05 мг/дм3;
Тимирэ — 0,05 мг/дм3.
Оттон иһэр ууга «СанПиН» ирдэбилигэр муҥутуур көрдөрүү маннык:
Өҥө-дьүһүнэ – 20 град.;
Болоорхойо – 1,5 мг/дм3;
Тимирэ — 0,3 мг/дм3.
Бу көрдөрүүлэртэн үрдүө суохтаах.
«Водоканал» АУо санатарынан, кинилэр тымныы уунан хааччыйыы балансовай эппиэтинэһин кыраныыссатыгар эрэ диэри уу хаачыстыбатыгар эппиэтинэһи сүгэллэр, ол эбэтэр, улахан магистральнай турбаларга. Оттон кыбаартал уонна дьиэ иһинээҕи турбаларга салайар хампаанньалар уонна тустаах хааччыйар тэрилтэлэр эппиэтинэстээхтэр.
Урут көмүөл саҕана кыраантан хойуу чэй курдук өҥнөөх уу түһэрин өйдүүргүт буолуо. Иһиэхтээҕэр буолуох, суунарга, таҥас сууйарга да табыгаһа суох этэ. Билигин уу дьэҥкир. Ууну ыраастыырга хлорун элбэтэллэр, онон ууну туруора түһэн баран, туттар ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: