Дьокуускай куоракка Ньурба күннэрин чэрчитинэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылларыгар аналлаах Үйэн бэлиэлээх үөдэйдэр тэрээһиннэрэ ахсынньы 14 күнүгэр «Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэлгэ ыытылынна.
Ил Түмэҥҥэ үөрэҕирии кэмитиэтин салайааччыта Антонина Григорьева уонна баһылык Мария Николаева эҕэрдэ тыл эттилэр уонна наҕараадалары туттартаатылар.
Семен Гаврильев-Аман Дьаҥсай, РНА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии институтун билим үлэһитэ Үөдэй нэһилиэгин былыргытын, Сомсуонап аҕа ууһун дьоҥҥо билиһиннэрэн кэпсээтэ.
Бу күн Наталья Намыны кытта бииргэ толкуйдаан, “Үрүҥ Үйэн” брошка оҥоһуллан көрдөрүүгэ таҕыста. Ол кэннэ иистэнньэҥ, СӨ Култууратын туйгуна, маастар-педагог, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын айар союһун чилиэнэ Яна Петровна Ядреева уонна Үөдэй иистэнньэҥнэрэ тикпит сахалыы эр дьон, дьахтар бууктаах, оноолоох соннорун уолаттар, кыргыттар кэтэн, Үөдэй нэһилиэгин сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы уобарастарын көрдөрдүлэр.
Бэртээхэй тэрээһин ырыаһыт Ирина Николаевна Үөдэй туһунан ырыатынан, хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Саргылаана Худаева.
Дьокуускай олохтооҕо буомба иитиллибитин туһунан сымыйа иһитиннэриини тарҕатан буруйдааҕынан ааҕылынна. 41 саастаах эр киһиэхэ холуобунай…
Ставропольскай кыраай олохтооҕо бэрик биэрбитинэн уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа тоҕус сылга көҥүлэ быһылынна. Суут Нерюнгрига буолла.…
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта эһиилгиттэн олоххо киирэр боппуруостары дьүүллэстэ.…
Саха сиригэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит 11 хатыыһы бултаан омук гражданина буруйданна. Бу туһунан ахсынньы 16…
“Ыллаа-туой, тыам сирэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн ырыаһыт, ырыа айааччы Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылын, үбүлүөйдээх…
РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков ахсынньы 28 күнүгэр үлэ күнэ кылгас буолуон сөп…