Дьокуускайга — ювелирнай нэдиэлэ

Дьокуускайга — ювелирнай нэдиэлэ

23.10.2023, 17:45
Хаартыска - Үп мистиэристибэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 23 күнүгэр, Саха сирин алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай бырамыысылыннас үлэһиттэрэ идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр.

Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр 1992 сыллаахха алтынньы 23 күнүгэр аан бастаан алмааһы кырыылааһын ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Аан бастаан бу бырааһынньык 2009 сыллаахха «Золото Якутии» тэрилтэ көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Онтон 2010 сыл муус устар 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров ыйааҕынан алмааһы кырыылааччылар уонна ювелирдар идэлээх бырааһынньыктарын алтынньы 23 күнүгэр бэлиэтиир буолбуттара. Бу туһунан “Саха” НКИХ саайта иһитиннэрэр.

Бэлиэ күн чэрчитинэн Дьокуускай куоракка Ювелирнай нэдиэлэ ыытыллар. Ол курдук, бүгүн СӨ Сокровищницатын саалатыгар наука академиятын сотруднига Александра Прокопьева сахалар төрүт үгэс киэргэллэрин туһунан лиэксийэ аахта.

Сарсын, оптуорунньукка, былыргы оҥоһуктары оҥорууга художественнай училище үлэһиттэрэ маастар-кылааһы ыытыахтара. Манна “накостник” диэн сонун сүүрээн оҥоһугу дьон бэйэлэрэ оҥорон көрүөхтэрэ.

Сэрэдэҕэ ювелирдар мустан үлэлэригэр көстөр суолталаах боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ уонна быһаарсыахтара, анал кэскиллээх бырагыраамалары ырытыһыахтара.

Бүгүҥҥүттэн «Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара 2023» быыстапка үлэтин саҕалаата. СӨ Гохрана, «Арктика ювелирдара» ассоциация уонна художественнай училище (кэллиэс) сыл аайы тэрийэр бырайыактарынан араас тэрээһин ыытыллар. Манна Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара саха маастардарын, ювелирнай киэргэл ааптардарын кытта сирэй көрсөн билсиэхтэрин сөп. Аныгы ювелирнай дизайн саҥа хайысхаларын көрүөхтэрэ уонна үөрэтиэхтэрэ.

Быыстапка Киров уул. 12 №-дээх дьиэтигэр быыстапка саалатыгар алтынньы 23 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Экскурсиялары өрөбүл күн алтынньы 28, 29 күннэригэр уонна сэтинньи 4,5 күннэригэр ыытыахтара.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: