“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Саха буойуннарыгар…
Хабыр да, суоһар да сурахтан
Хотугу мин дойдум айманар,
Хойдубут былыты быыһынан
Хомпоруун хотойдор көттүлэр.
Сарсыҥҥы көҥүлбүт иннигэр,
Саргылаах олохпут туһугар,
Сахалыы саадаҕы курданан
Саалаахтан самнымаҥ, Эрэттэр!
Өһөхтөөх өстөөх үөн кэриэтэ
Сиринэн сыһылла сыыллымаҥ,
Хотуулаах хотой кыыл бастыҥа
Үөһэттэн уотунан курбуулаа!
Тирэнэр тиһилик тирэхпит,
Тиһиктээх күннэргэ хаххабыт,
Эрэнэр эрэллээх эркиммит,
Эн саха уолаҕын – БООТУРБУТ!!!
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …