Салгыы
Дьон чиэһин, үтүө аатын тилиннэрэргэ таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ

Дьон чиэһин, үтүө аатын тилиннэрэргэ таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ

26.03.2023, 14:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ бэрт сэргэх уонна элбэх билиини-көрүүнү биэрэр тэрээһиҥҥэ сырыттым. Ол курдук, кулун тутар 24 күнүгэр Лоомтука нэһилиэгэр Афанасий Павлович Кириллин туһунан “Честь имею!” диэн А. Амбросьев – Сиэн Мунду суруйбут кинигэтин сүрэхтэниитигэр сырыттым.

Урукку өттүгэр Афанасий Кириллин туһунан олус элбэҕи билбэтим, одоҥ-додоҥ эрэ истэрим. Ис дьыала уорганнарын тиһигэр үлэлээбит киһи син билиэх да эбиппин диэн сэмэлэнэн ыллым. Ол эрээри, үгүс дьон бэлиэтээбитин курдук, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин (КГБ) үлэһиттэрэ урукку өттүгэр тутуспут быһыылара-майгылара, төһө да уларыйыы ыытыллыбытын иһин, үгүспүтүгэр бу тэрилтэҕэ, кини үлэһиттэригэр биир чопчу сыһыаны олохтообут.
Оччотугар бу суруллубут кинигэ А.П. Кириллиҥҥэ тус бэйэтигэр, кини дьиэ кэргэнигэр, биир дойдулаахтарыгар үтүө өйдөбүл эрэ буолбакка, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр (КГБ) норуот сыһыана кэлиҥҥи кэмҥэ уларыйарыгар сүдү суолталаах эбит. Тыа сириттэн үүнэн-сайдан, бэйэтин сыратынан, дьулуурунан, дьаныарынан киэҥ билиилэнэн улахан дуоһунаска ананары ситиспит А.П. Кириллин олоҕун олуктара үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобурунан буолаллар.


Кинигэ сүрэхтэниитигэр Ил Түмэн дьокутааттара Мария Христофорова, Юрий Баишев, Владимир Прокопьев, Ил Дархан сүбэһитэ Игор Николаев, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин бэтэрээннэрэ М. Егоров, С. Петров, суруйааччы, суруналыыс Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду, документалист М. Кривогорницын, ырыаһыт В. Заболоцкай уонна Лоомтука олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Тэрээһини ССРС култууратын туйгуна Р.З.Егорова иилээн-саҕалаан ыытта. Лоомтука сиригэр-уотугар чулуу дьонноругар, дьиэ кэргэттэригэр сүгүрүйэн араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар үтүө үгэс ситимин быспакка буоларын олус сэргээтим, кэрэхсээтим уонна Б.Окуджаваны санаатым: “Давайте говорить друг другу комплименты – ведь это всё любви счастливые моменты!”. Үлэҥ ситиһиилэрин дьонуҥ-сэргэҥ биһириирэ хайа да киһиэхэ өйөбүл, тирэх буолар буоллаҕа.
Сиэн Мунду бэлиэтээбитинэн, Афанасий Кириллин бэйэтэ бэйэтин оҥорбут киһинэн буолар. «Туох да билсиитэ-көрсүүтэ суох оҕо бэйэтин билиитинэн, сатабылынан үрдүк билиниини ситиспит. Афанасий Павлович курдук сайдыылаах, таһымнаах киһи туһунан кинигэ суруйан, кинини кытары алтыһан бэйэм сайынным, элбэҕи биллим, ол барыта Исидор Барахов туһунан кинигэ суруйарбар тургутуу уонна бэлэмнээһин курдук эбит», — диэн тоһоҕолоон эттэ.


Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Игнатьевич Николаев бу А.П. Кириллин курдук дьоннор норуот дьолугар үөскүүллэрин, философия «Роль личности в истории” уонна  “Историческая необходимость” диэн сокуоннарынан кыахтаах, эстибэт дьылҕалаах норуот ураты дьону бэйэтэ иитэн таһаарарын бэлиэтээтэ. 1990-с дойду үрдүнэн дьалхааннаах сыллар, дойду укулаата урусхалламмыт кэмнэрэ тургутуу кэмнэрэ этилэр. Ол эрээри, саха норуота олох араас эйгэтигэр бу А.П. Кириллин курдук чулуу ыччаттаах буолан, кэскиллээх суолга тахсыбыта. Ол курдук, норуот иккис тыынын ыларыгар, кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр куттал суох буолуутун кэмитиэтин (КГБ) киһилии майгылаах офицердара, чуолаан А.П. Кириллин, саха интэллигиэнсийэтин үтүө аатын тилиннэрэн сүҥкэн суолталаах үлэни саҕалаабыттара. Ол түмүгэр норуот кулуттуу өйтөн-санааттан босхоломмута. А.П. Кириллин олоҕо, идэтинэн үлэтин суолтата өссө да ситэ үөрэтиллэ илик диэн түмүккэ этилиннэ.
Кинигэ “Честь имею!” диэн аата мээнэҕэ буолбатах эбит ээ дии санаатым. Ол курдук, Афанасий Кириллин, 30-ча сыл судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин (КГБ) офицерын үрдүк аатын сүгэн сылдьыбыт киһи, бу курдук чиэс биэрэн туран бэйэтин олоҕун кырдьыктаахтык дьонугар-сэргэтигэр сэгэтэн кэпсиэм диэн этэр курдук. Онуоха киһи туох да омнуолуоҕа, эбэтэр тустаах киһи кистии-саба тутуоҕа Афанасий Кириллин чаҕылхай олоҕор суох. Аны туран, бу кинигэҕэ А.П. Кириллин араас дьон туһунан истиҥ ахтыылара киирбиттэр. Хас биирдии киһи туһунан ахтыыта олус да сылаас тыыннаах, ол курдук Афанасий Павлович дьонун, доҕотторун, үөлээннээхтэрин истиҥник таптыырын, кими баҕарар кытары бу Ытык да сааһыгар сылдьан үөрэ-көтө билсэргэ, кэпсэтэргэ бэлэмин кэрэһэлиир. Онтон дойдутугар таптала, ахтылҕана хас санаатыгар, үгүс суругар-бичигэр, олоҕун устатын-туоратын тухары ылыммыт быһаарыныыларыгар, хас биирдии дьайыытыгар көстөр. Онон кинигэни арыйаргын кытары офицер үрдүк аатын хаһан да түһэн биэрбэтэх ытык киһини кытары истиҥ сэһэргэһии саҕаланар.
Бу тэрээһини кылгастык суруйуом диэн тылбын биэрэн баран, маҥнай утаа чуҥкук соҕус буолара дуу диэбитим… Ол судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин үлэһиттэрэ үксүлэрэ дьэбин уоһуйан, үйэлээх кистэлэҥи илдьэ сылдьар дьон төһөлөөҕү кэпсээбит үһүлэр, истэрин-тастарын биллэрбэккэ, быһыта-орута: «Төрөөбүтүм, үөрэммитим, үлэлээбитим, бочуоттаах сынньалаҥҥа таҕыстым, аныгы көлүөнэ дьоно оннук итэҕэстээххит, маны билбэккит, ону сатаабаккыт”, — дэһэллэр ини диэн санаалаах этим. Ону баара А.П. Кириллины көрөн баран олус үөрэ соһуйбутум. Кини сиртэн-буортан тэйбит, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар иҥиир-ситии киһи эбит, мичээрдээн чаҕылыйа сылдьар уоттаах харахтаах, олус эйэҕэс-сайаҕас буолан биэрдэ. Ахтыыларга кини кыра уҥуохтааҕын доҕотторо дьээбэлээн кэпсииллэр эрээри, А.П. Кириллин таһыгар намыһах уҥуохтаах киһини кытары турабын диэбэккин, ол курдук кини дуолан киһи буолара, бөҕө ис туруктааҕа, күүстээҕэ, кыахтааҕа биллэр.
Мин быраабы араҥаччылыыр уорганнарга төһө эмэ син үлэлээн кэллим, араас салайааччылары билэбин. Ол эрэн, бу А.П. Кириллин курдук эргиччи талааннаах, киэҥ билиилээх, таһымнаах, үлэтинэн эрэ муҥурдамматах салайааччыны көрсүбэтэх эбиппин диэн сонньуйабын эрэ. Кырдьыга баара, халбаҥнаабат күүстээх санаалаах, билиилээх, кыахтаах салайааччыны кытары эрэх-турах сананан үлэлиигин буоллаҕа.
Кинигэҕэ суруллубутунан, кэлбит дьон да иһитиннэрбитинэн, А.П. Кириллин успуорт араас көрүҥнэринэн ситиһиилээхтик дьарыктаммыт: атах оонньууларынан, гимнастиканан, тустуунан, спортивнай ориентированиенан, саахыматынан, волейболунан, остуол тиэнниһинэн, штанганан, футболунан. Успуорт эйгэтигэр кинини Аллайыахаҕа үөрэнэр кэмигэр физкультураҕа учуутала, Намтан төрүттээх В.Н. Макаров уһуйбут. Ол курдук: «Успуорт тус бэйэбэр ирдэбиллээх, бэрээдэктээх буолары ииппитэ, хайа баҕарар ылсыбыт дьарыкпынан утумнаахтык дьарыгырарбын үгэскэ кубулуппута», — диэн А.П. Кириллин бэлиэтиир. Ол да иһин, кини ылсыбытын түмүктүүр, олоххо үөскүүр араас түгэннэри анаарар дьоҕурдаммыт, сыалын-соругун сыратын бараан да туран ситиһэргэ дьулуурдаах буола улааппыт, арыгылыыр-табахтыыр курдук мөкү дьаллыктарга ылларбатах. Успуордунан дьарыгын билиҥҥэ диэри ыһыктыбакка сылдьара киһини сөхтөрөр. А.П. Кириллин араас сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ волейбол федерациятын салайан, бу көрүҥ нэһилиэнньэҕэ киэҥник тарҕанарын, ону ааһан ааттаах суоллаах “САХАВА”, “Дархан” волейбольнай кулууптар сайдалларын уонна Азия оҕолорун оонньууларыгар бу көрүҥ киирэрин ситиспит.
Успуорка бэриниилээх буолбута А.П. Кириллин дьылҕатыгар эмиэ ураты сабыдыалы оонньообута. Ол курдук, кини Москуба куоракка КГБ академиятыгар киирэригэр омук тылын оскуолаҕа учуутал суох буолан ситэри үөрэппэтэҕэ тургутууну ааһарыгар улахан харгыһы үөскэппитэ. Онуоха биир билим үлэһитэ саха кырачаан уолчаана 85 төгүл илиитигэр тардынарын көрөн, кыаҕын сөҕөн-махтайан үөрэххэ киирэригэр көмөлөспүт. Ол кэннэ А.П. Кириллин омук тылын дьаныардаахтык үөрэтэн, атын оҕолортон туох да итэҕэһэ суох билбит, үөрэнэр кэмигэр хас да омук дэлэгээссийэтин арыаллаан сылдьыбыт. Афанасий Павлович хойукка диэри успуорт саалыгар дьарыгын икки илиитигэр туран эрэ хаамтаран, хас да эргиири оҥорон саҕалыырын бэлиэтээтилэр. Ол курдук, сулууспалыы сырыттаҕына кузовтаах массыынаҕа туруоруллубут перекладиналарга илиитигэр стойка тутан туран эргиир оҥотторон, биир спартакиаданы аһар чиэскэ бу саха уола тиксибит.
Судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр үлэлиир кэмигэр тиэхиньиичэскэй разведкаҕа кини үлэлэрин, ситиһиилэрин бүтүн Арассыыйа таһымыгар холобур оҥостоллоро.
А.П. Кириллин билиитэ-көрүүтэ өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнаһа сайдарыгар биллэр-көстөр көмө, өйөбүл буолбута. Баайы-дуолу, ол иһигэр, алмааһы, көмүһү, 90-с дьалхааннаах, дойду олоҕо-дьаһаҕа айгырыыр кэмигэр сөптөөхтүк арыаллыыры, ирдэбиллэргэ олоҕуран харыстыыры, дойду экэнэмиичэскэй интэриэһин араас таһымнарга көмүскүүрү хааччыйара. Дойду сайдыытыгар таһаарыылаах үлэтин иһин, Афанасий Кириллиҥҥэ 1990 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк аат иҥэриллибитэ.


Үөлээннээҕэ М.Д. Егоров кэпсээбитинэн, Афанасий Павлович үлэтигэр 8 генералы иитэн-такайан таһаарбыта, кинилэр билигин Сахабыт сиригэр, ону таһынан дойду араас муннуктарыгар сорохторо билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бэл, биирдэ аһыы утаҕы иһэн үлэтиттэн үүрээри гыммыт үлэһиттэрин А.П. Кириллин мэктиэ тылын бэрдэрэн, бэйэтэ иитэн-такайан киһи гыммыттаах. Кэлин ол киһи Москуба куоракка киин аппараакка улахан салайааччы буола үүммүт. Бу курдук А.П. Кириллин саха сиэринэн киэҥ көҕүстээх, холку буолан, дьонугар өрүү харыстабыллаахтык сыһыаннаһара уонна үлэһиттэригэр идэлэрин ирдэбилигэр сабыдыаллаах дьиҥ кыахтарын таба көрөрө.
Киһи сөҕөрө диэн, Афанасий Павлович хаһан эрэ ыҥыран аҕалбыт уолаттара кинини ситэн ааһан, генерал буолбуттара бу дьон доҕордуу истиҥ сыһыаннарыгар күлүк түһэрбэтэх. Быраабы араҥаччылыыр тиһиккэ салайааччы бэйэтин үлэһиттэригэр бу курдук эйэ дэмнээхтик сыһыаннаһара сэдэх көстүү. Ол да иһин, бу кинигэҕэ үлэтинэн алтыспыт араас дьоно Афанасий Павлович туһунан үгүс үтүө тылы этэллэр. Сааһыран да баран бииргэ үлэлээбит биир идэлээхтэрин, араас омук дьонун түмэн, кэмиттэн кэмигэр араас куораттарга көрсүһэр үтүө үгэһи олохтоон, кинилэр убаастабылларын ылыаҕын ылан сылдьар эбит.
Генерал М.Д. Егоров иһитиннэрбитинэн, 1989 с. судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын 50 үлэһитин ортотугар дуоһунастарыгар эппиэттииллэрин быһаарар тургутуу буолбут. Онуоха А.П. Кириллин бэйэтин салайааччытын В. Гришины сабырыйан тахсыбыт. Онуоха В.Гришин үрдүкү салайааччыларга А.П. Кириллин үрдүк таһымын ыйан туран, кинини салайааччынан аныыры ситиспит. Бу түгэн В.Гришин үтүө майгытын, онтон А.П. Кириллин туох да мөккүөрэ суох бигэ билиилээҕин, кыахтааҕын, идэтин толору баһылаабытын туоһулуур.
Ардыгар киһи үгүс сыл-хонук үлэлиир да, туох да үөтэлээҕи, үйэлээҕи дойду сайдыытыгар, дьонун-сэргэтин туһугар оҥорбот.
Афанасий Павлович олоҕун чыпчаалынан кини куттал суох буолуутун кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатыгар 1994 с. миниистиринэн сахалартан маҥнайгынан ананыыта буолар. Бириэмэтигэр ураты киэҥ бырааптаах уонна боломуочуйалаах дуоһунаска олорон дьон дьылҕатын алдьаппакка, сиэрдээхтик үлэлээбитэ уонна Саха сирин интэллигиэнсийэтэ, олоҕо суох балыырга түбэспит үтүө-мааны саха дьонун ааттара тиллэригэр сүҥкэн суолталаах үлэни тус эппиэтинэһи ылынан толорбута.
Хас биирдиибит бу сиргэ хаалларарбыт ааппыт буолар: ким үтүө аатынан үйэтийэр, ким аата мөкү быһыыга-майгыга миккиллэр – ол барыта бэйэбититтэн тутулуктаах. Онтон А.П. Кириллин аата кэлэр ыччакка биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр омуктар эйэ дэмнээх сыһыаннаһыыларын олохтооһуҥҥа, устуоруйа кырдьыгын чөлүгэр түһэриигэ, олоҕо суох сойуолааһыҥҥа түбэспит дьон чиэстэрин, үтүө ааттарын тилиннэриигэ таһаарыылаах үлэтинэн биллиэ. Ол үлэтин сүдү суолтата кэм-кэрдиис аастаҕына өссө үрдүө.
Ол курдук А.П. Кириллин куттал суох буолуутун кэмитиэтин салайааччытынан олорон саха норуотун интэллигиэнсийэтин, билим үлэһиттэрин, биллэр-көстөр суруналыыстары, суруйааччылары, уопсастыбанньыктары кытары алтыһан, киэҥ хабааннаах норуоппут устуоруйатыгар үрүҥ бээтинэ буолан сылдьар ыар охсуулаах сойуолаһыы кэминээҕи быһыыны-майгыны сырдатар, чинчийэр үлэни ыыппыта. Бу үлэ түмүгүнэн 1994 с. РФ бэрэсидьиэнин № 824 уурааҕа тахсан, 1928 с. саха норуотун интэллигиэнсийэтин имири эспит ыар содуллаах уураах көтүллэрин ситиһэн, саха дьонуттан омугумсуйуу диэн дьарылык уһуллан, көҥүл тыыннаах, сайдыылаах, инникигэ эрэллээх үүнэр көлүөнэ үөскээтэ. Биллэр суруналыыстар, учуонайдар, суруйааччылар ааспыт сыллар улаҕаларыгар дьапталлан сыппыт архыып докумуоннарын үөрэтэннэр, кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс дьону толкуйдаппыт, ааспыт кэм чахчыларын чопчулаабыт документальнай, историческай айымньылар киэҥ араҥаҕа таҕыстылар. Бэйэлэрин махтал тылларын бэйэлэрин кэмигэр А.П. Кириллиҥҥэ чулуу дьоммут С. Данилов, Далан, Багдарыын Сүлбэ, Дапсы, Е. Алексеев, В. Ларионов онтон да атыттар эппиттэрин кинигэҕэ таҥыллыбыт ахтыылар туоһулууллар.


Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон А.П.Кириллин айар-тутар үлэнэн үлүһүйэн туран ылыста. Ол курдук, кини чинчийэр үлэтин түмүгэр саха норуотун биир чулуу уолун, чаҕылхай салайааччытын Семен Захарович Борисов туһунан архыып матырыйаалларыгар олоҕурбут үөрэтэр-сырдатар суолталаах кинигэни киэҥ араҥаҕа таһааран, дьон сэҥээриитин, биһирэбилин, махтал тылларын ылыан ылла. Дьон сөпкө бэлиэтиир, бу курдук халыҥ сабыыны саралыы тардан, салайар үлэҕэ сылдьан араас сыанабылы ылбыт, уустук дьылҕалаах киһи аатын иккистээн тилиннэрэргэ, дьоҥҥо итэҕэтиилээхтик кырдьыгы ылыннарарга суруйар киһи бэйэтэ таһымнаах, өй-санаа өттүнэн сиппит буолуон наада.
А.П. Кириллин толкуйун норуотугар тириэрдэн бэрт элбэҕи суруйар: ахтыылары, анаарыылары, ону таһынан нэһилиэгин устуоруйатын үйэтитиигэ үлэлэһэр. Кини сааһыттан тутулуга суох араас эйгэ дьонун кытары бэрт истиҥник алтыһар, кинилэр ортолоругар бэлиитиктэр, салайааччылар, суруналыыстар, суруйааччылар, бэйиэттэр, спортсменнар, артыыстар, учуонайдар. Билигин да саха норуотун 4 бэрэсидьиэнигэр А.П. Кириллин сүбэһит-амаһыт, бэйэтин көрүүтүн холкутук этинэр таһымнаах сэһэргэһээччи.
Киһи сөҕөрө диэн, Афанасий Павлович туруорсар боппуруостара киэҥ хабааннаахтар уонна Сахатын сирин дьылҕатын кытары чопчу ситимнээхтэр. Ол курдук, Саха сирин тыйыс айылҕалаах сиригэр-уотугар олорор дьон олохторун-дьаһахтарын тупсарар миэрэлэртэн саҕалаан (оройуоннай коэффициент, надбавка, тыа сиригэр гаас ситимин тардыы о.а.), Саха сиригэр идэлээх суруйааччылар биир кыахтаах бөлөхтөрүн олохтооһуну ситиһии. Бу кэннэ ким эмит судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин полковнига А.П. Кириллин уйан дууһата суох диэ дуо?!
Түгэнинэн туһанан, ытык-мааны киһибитигэр чэгиэн доруобуйаны, баай билиитин, санаатын сааһылаан өссө да дириҥ ис хоһоонноох айымньылары суруйарыгар, айар-тутар үлэтигэр уостубат иэйиини баҕарабын!

Антонина УСКЕЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: