Бэҕэһээ, олунньу 15 күнүгэр, сарсыарда 10 чаас саҕана ИДьМ Горнай оройуонунааҕы салаатыгар Бэс Күөл нэһилиэгин таһыгар дьон эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Бэрэбиэркэ кэмигэр биллибитинэн, 63 саастаах суоппар «Тойота Ленд Крузер Прадо» массыынанан Кэбээйи улууһуттан Дьокуускайдаан иһэн, уруулун сатаан салайбакка, утары суолга тахсан биэрбит уонна «МАЗ 6430c9″диэн улахан массыынаны кытта харсыспыт. Саахал кэмигэр «Тойота Ленд Крузер» массыына иһигэр суоппартан ураты өссө үс киһи олорсон испит. Оттон «МАЗ 6430c9» массыына 1980 сыллаах суоппара соҕотох айаннаан испит. Саахал кэмигэр 1960 уонна 1963 сыллаах төрүөх дьахталлар араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирбиттэр. Үһүс пассажир 2007 сыллаах төрүөх уол хаҥас тобугун эчэппит. Быһылаан тахсар кэмигэр икки суоппар иккиэн өйдөөхтөр уонна сэрэхтээх буолуу курунан баанан олорбуттар. Саахалынан бэрэбиэркэ бара турар. Госавтоиниспиэксийэ саахалтан сэрэхтээх буолар туһугар суолга аһары түргэнник сылдьар сэрэхтээҕин этэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…