Сэтинньи ыйа Уус Алдан улууһун доруобуйатын харыстабылыгар «Доруобай ийэ -– доруобай оҕо» тускулунан ааста.
Доруобуйа харыстабылыгар аналлаах тэрээһиннэр бары Ийэ күнүгэр ананнылар. Ый саҕаланыаҕыттан мэдиссиинэ үлэһиттэрэ чугастааҕы уонна ыраах сытар нэһилиэктэргэ: Дүпсүгэ, Найахыга, Өспөххө, Чэриктэйгэ, Бээдигэ, Тандаҕа, Арыылаахха, Бэйдиҥэҕэ, Бээрийэҕэ, Тиит Арыыга, Сыырдаахха сырыттылар.
Нэһилиэнньэ доруобуйатын педиатр, эндокринолог, оториноларинголог быраастар уонна килиниичэскэй психолог көрдүлэр. Ону сэргэ психологтар улуус оскуолаларыгар үлэлээтилэр.
Быраастар барыта 200-чэ киһи доруобуйатын көрдүлэр, 100-тэн тахса киһи психологтан сүбэ-ама ылла. Кинилэртэн 75 оҕо педиатрга, 43 улахан киһи эндокринологка, 73 лор-бырааска көрдөрүннэ.
«Мэдиссиинэ үлэһиттэрин маннык сырыылара улуус кииниттэн ыраах олорор ийэлэргэ олус туһалаахтар. Биһиги оройуон балыыһатын быраастарыгар көрдөрөр эрэ буолбакка, педиатртан сүбэ-ама ылар кыахтанныбыт. Ону таһынан үлэбитин тохтоппокко уонна олорор сирбититтэн ханна да барбакка бу өҥөлөрүнэн туһаммыппыт олус кэрэхсэбиллээх», -– диэн тыа сирин дьоно үөрүүлэрин үллэстэллэр.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, Инбэлииттэри кэлимник реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ анал байыаннай дьайыы…
Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх маршрутунан Өлүөнэ өрүскэ барыта 30…
ИДьМ холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ Хаҥалас улууһугар харчыны уорууга уорбаланар 52 саастаах эр киһини туттулар. Бу…
Сунтаар улууһа дьоруойдарынан киэн туттар. Дьокуускайга "Арассыыйа – мин устуоруйам" түмэл хамсааһынынан, Дьоруой Дмитрий Егоров…
Билигин Саха сиригэр 23 тыһыынчаттан тахса экологическай массыына регистрацияланна. Эрэгийиэннээҕи бырамыысыланнас министиэристибэтэ сыаналыырынан, тиэхиньикэни гаас…
Ыам ыйын 16 күнүгэр СӨ Дьарыктаах буолуу киинэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ…