Салгыы
Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ байыаннай эпэрээссийэ дьиэ кэргэнин оҕолоро кэлэ тураллар

Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ байыаннай эпэрээссийэ дьиэ кэргэнин оҕолоро кэлэ тураллар

13.07.2023, 15:30
Хаартыска: СӨ Ил Дархан пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ байыаннай эпэрээссийэ дьиэ кэргэнин оҕолоро кэлэ тураллар

«Бэнидьиэнньиктэн биһиги Кииммитигэр саҥа дьону ылыы саҕаланна. Уон киһи кэлбититтэн — сэттэтэ оҕо уонна үс улахан киһи. Өссө  икки дьиэ кэргэн кэлэрин күүтэбит. Кииҥҥэ барыта байыаннай  эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 110 чилиэнэ: 39 улахан киһи уонна 71 оҕо  доруобуйатын чөлүгэр түһэрдэ. Кинилэр бары, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор курдук, бастаан доруобуйаларын туругун быһаартараллар (диагностика), онтон  хас биирдиилэригэр тустаах маршрут оҥоһуллар. Оҕолор эмтиир физкультуранан дьарыктаналлар, бассейҥҥа уонна ритмика дьарыктарыгар сылдьаллар. Успуорт саалаларбыт улаханнар. Оҕолору кытары эмтиир физкультура инструктордара уонна быраастара үлэлииллэр. Ону таһынан коррекционнай педагогикаҕа, арт-терапияҕа сайыннарар дьарыктар буолаллар. Оҕолор дьарыктары олус сөбүлүүллэр»,  — диэн Доруобуйаларыгар хааччахтаах кырачааннар уонна обургу оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи  киин дириэктэрэ Зинаида Максимова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Төрөппүттэргэ уонна  сокуоннай бэрэстэбиитэллэргэ доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр  туспа бырагыраама оҥоһуллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: