Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ «Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэлгэ Дьоруой Дмитрий Егоров чоҕунан уруһуйдаммыт мэтириэтин бэлэхтээтэ.
Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров мэтириэтин туттара Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччыта Марина Бахилина, уопсастыбаннай палата чилиэнэ Наталья Кашперская, Дмитрий Егоров ойоҕо Надежда Егорова, Сунтаар түмэлин үлэһитэ Николай Омуков, Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэлэ Семен Глухарев кэлбиттэр.
«Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэл дириэктэрэ Дмитрий Соловьев Дьоруой дьиэ кэргэнигэр, Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтигэр бу бэлэх иһин махтанна.
Бу кэнниттэн мэтириэти С.А. Зверев аатынан Сунтаардааҕы түмэлгэ быстах харайыыга бэриллиэҕэ. Сунтаарга Дьоруой тус малларын, мэтириэтин көһө сылдьар быыстапката ыытыллара былааннаммыт.
Дьоруой мэтириэтин худуоһунньук Виктор Чернов үйэтиппит. Худуоһунньук бэйэтэ урут Росгвардияҕа үлэлээбит киһи, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара.
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…