«Дьоруой Ийэлэргэ» саҥа чэпчэтиилэри олохтуохтара

Share

Дойду Бырабыыталыстыбатыгар «Дьоруой Ийэлэр» өҥөлөрүн билинэргэ туһуламмыт хас да сокуон барылын дьүүллэстилэр.

Бу туһунан бырабыыталыстыба Telegram-ханаалыгар иһитиннэрдилэр. Мэдиссиинэ көмөтүн уочарата суох ыларга чэпчэтии олохтуур, ону сэргэ, холобур, «Дьоруой Ийэлэри» хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэриттэн босхолуур туһунан этиллэр.

«Ону таһынан, сокуон барыллара үлэҕэ киирэллэригэр уонна босхо идэҕэ үөрэниигэ эбэтэр хат үөрэниигэ эбии кыахтар, ону сэргэ биэнсийэҕэ 36,5 тыһ. солкуобай кээмэйдээх эбии төлөбүр көрүллүөҕэ», – диэн иһитиннэрдилэр.

Итини таһынан, «Дьоруой Ийэ» ааттаах дьахталларга дьиэ тутуутун саҕалыырга наадалаах тутуу матырыйаалларын кытта бииргэ босхо сир учаастагын ылар быраап бэриллиэҕэ.

Урут иһитиннэриллибитинэн, 10 уонна онтон элбэх оҕолоох дьахталлар Арассыыйа Дьоруойдарыгар уонна Үлэ Дьоруойдарыгар баар чэпчэтиилэргэ майгынныыр саҥа чэпчэтиилэри ылыахтарын сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Өрүү сакалаат, саахар эбэтэр суши сиэххин баҕарар буоллаххына…

Өрүү сакалаат сиэххин, кофе иһиэххин баҕарар буоллаххына, эйиэхэ магнийдаах бородуукта тиийбэт диэн исписэлиистэр этэллэр.  Оттон…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар — саҥа туруоруу

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра  бу айар сылга ураты суолталаах премьераны бэлэмниир.  Өрөспүүбүлүкэ  биллиилээх…

51 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга бу күннэргэ үс киһи суол быһылааныгар эчэйдэ

Бу  нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка 32 суол быһылаана тахсан, 3 киһи араас эчэйиини ыллылар. Бу туһунан …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Былырыын саамай элбэх турист Өлүөнэ очуостарыгар сылдьыбыт

Саха сиригэр былырыын иллэрээ сыллааҕар элбэх турист кэлэн барда. СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ньурба Киин бибилэтиэкэтигэр биир дойдулаахтарын туһунан кинигэ эбилиннэ

Ф.Г.Сафронов аатынан Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ пуондата өссө биир кинигэнэн эбилиннэ. Ол курдук, бибилэтиэкэҕэ Александра Васильева…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдэр дьахтар түүн массыынаны күрэтэн илдьэ бара сатаабыт

25 саастаах Өлүөхүмэ оройуонуттан төрүттээх  дьахтар   биир түүн дьиэ олбуоруттан массыынаны күрэтэн бара сатаабыт. Билигин…

2 часа ago