Дьоруой ийэлэри наҕараадалыырга — 20 мөлүйүөн солкуобайы

Share

Элбэх оҕолоох ийэлэри наҕараадалыырга эбии 30 мөлүйүөн солкуобайы көрдүлэр. Тустаах ыйаахха РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Бу сууматтан 20 мөлүйүөн солкуобайы Дьоруой ийэлэри наҕараадалыырга, 5,5 мөлүйүөн солкуобайы — «Төрөппүт Албан аата» уордьанынан наҕараадаламмыттары, 5,2 мөлүйүөн солкуобайы «Төрөппүт Албан аата» уордьан мэтээлинэн наҕараадаммыттары бэлиэтииргэ ыытыахтара. Холобур, Дьоруой ийэ анал бэлиэни кытары 1 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланар.

Арассыыйаҕа Дьоруой ийэлэр да, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр да ахсааннара эбиллэн иһэр. Ол иһин бүддьүөттэн көрүллүбүт суумаҕа эбии үбү көрөр буоллулар.

Арассыыйаҕа Дьоруой ийэ аатын 10-тан элбэх оҕолоох ийэлэргэ 2022 сылтан иҥэрэллэр. Онтон «Төрөппүт Албан аата» уордьанынан 7-тэн элбэх, «Төрөппүт Албан аата» уордьан мэтээлинэн 4-тэн элбэх оҕолоох төрөппүттэр наҕараадаланаллар. Бу төрөппүттэр үгүс дьоҥҥо холобур буолар, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх, үтүө дьон буолуохтаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

53 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago