Дьуһуурунай борокуруор: Томторго үүтээҥҥэ киһи өлүгэ көһүннэ
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 6 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ.
Дьокуускай куоракка комиссионнай маҕаһыынтан үнүстүрүмүөн набордара уорулунна. «ФСБ» үлэһитэ буолан кубулунан, түөкүттэр оскуола учууталыттан 1,1 мөл. солк. уордулар. Ону таһынан киин куоракка уонна Нерюнгри улууһугар сокуоннайа суох наркотигы эргиниигэ буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Мииринэй улууһугар 6,3 тыһ. тахса сокуоннайа суох оҥоһуллубут уонна атыыланар арыгыны былдьаатылар.
Сууккаҕа 4 баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ. Өймөкөөн улууһун Томтор сэлиэнньэтиттэн 12 км ыраах сытар сылгы баазатын территориятыгар умайбыт үүтээҥҥэ 1990 с.т. эр киһи өлүгэ булулунна.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламмата. Мииринэй улууһун «Вилюй» трасса 1200 км «SHACMAN» массыына суоппара бырысыаба халтарытан, «КАМАЗ» массыынаны кытта харсыһыыта таҕыста. Саахал түмүгэр икки суоппар араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирдилэр.
Күн устата икки суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: