Салгыы
“Дьулуур” американеһа – татаар уола

“Дьулуур” американеһа – татаар уола

13.12.2022, 16:00
Бөлөххө киир:

Татарстаан артыыһын Ратмир Гарифуллины саха көрөөччүтэ бэркэ диэн билэр. Кини быйыл Арассыыйа үрдүнэн киэҥ экрааҥҥа тахсыбыт “Дьулуур: мас-рестлинг” диэн киинэҕэ (режиссер Валентин Макаров) сүрүн дьоруой утарылаһааччытын оонньообута. Татаар уола саха киинэтигэр Америка спортсменын итэҕэтиилээхтик оонньоон, айар үлэтигэр улахан хамсааһын тахсыбытын үөрэ-көтө кэпсээтэ, Саха сиригэр эҕэрдэтин ыытта.

Ратмирдыын Казань куоракка командировка кэмигэр болдьоһон көрүстүбүт. Кини саха киинэтигэр хайдах уһуллубутун, үлэ хайдах ааспытын ахтан-са­­наан ааста:

– Үс сыллааҕыта, 2019 сыл күһүнүгэр, “Казанскай продакшнҥа” үлэлиир табаарыһым “Молодежные инициативы” диэн Москватааҕы продюсерскай киин дириэктэрэ Филипп Абрютин мас тардыһыы туһунан киинэҕэ антогонист оруолун толорор артыыһы көрдүүллэрин туһунан биллэрии таһаарбытын эппитэ. Ол биллэ­риигэ европейскай тас көрүҥнээх, спортивнай эттээх-­сииннээх уонна английскайдыы сатаан саҥарар киһиэхэ наады­йалларын суруйан, онно эбии Жан Клод Ван Дамм хаартыскатын сыһыарбыттар этэ.

Мин оччолорго норуоттар икки ардыларынааҕы быра­йыактарга кыттыбыт уопут­тааҕым, этим-сииним даҕаны син эппиэттэһэрэ. Кыттыахха баар эбит диэн санаабытым. Ол эрээри, сайаапканы ыытарга хойу­таан эрэрим. Бэрт ыксалынан дьиэбэр олорон иннибэр камера холбоот, бэйэм туспунан билиһиннэриибин устан киирэн барбытым. “Дорооболоруҥ, мин аатым Ратмир Гарифуллин диэн, эһиги киинэҕитигэр уһуллуох­пун баҕарабын. Киинэ туһугар тас көрүҥүм уонна уобараһым хайдах баҕарар уларыйарыгар бэлэммин” диэн бастакы дубльтан устубут видео-билиһиннэ­риибин тэрийээччилэргэ ыыппытым. Аҕыйах хонон баран Филипп Абрютин миэхэ сибээскэ тахсан, режиссер Валентин Макаров миигин таларга сөбүлэспитин иһитиннэрбитэ. Онон биир ыйынан Москва аэропуордугар көрсөн, Дьокуускайдыырга бэлэм буол диэн үөрдүбүтэ. Мин туохха даҕаны улаханнык эрэммэккэ сылдьыбыт буоламмын, олуһун үөрбүтүм. Бу кэнниттэн тута оруол­бар бэлэмнэнэн барбытым.

– Бу иннинэ мас-рестлинг диэн успуорт көрүҥүн туһунан истибитиҥ дуо?

– Суох, истибэтэҕим. Биһиги Сабантуйбутугар майгынныыр Ыһыах диэн бырааһынньык­тааххытын, онно успуорт нацио­нальнай көрүҥнэригэр улахан күрэхтэһиини ыытаргытын билэбин. Мин оҕо сылдьан доҕотторбун кытта мас тардыһа оонньуурбут, онон бэйэм да билбэппинэн, мас рестлинг көрүҥүнэн дьарыктаммыт эбиппин. Мас тардыһыынан өссө ааспыт үйэҕэ аатырбыт артыыс Арнольд Шварцнеггер дьарыктаммытын истэн баран, успуорт биир умсугутуулаах бу көрүҥүн туһунан хайдах эрдэ билбэтэхпиттэн кыбыстыбытым. Мин аҕам спортсмен, бодибилдер. Онон син эрдэ истиэ, билиэ да баар эбиппин дии санаа­бытым.

– Оттон саха киинэтигэр уһулла баран эрэр киһи, биир эмит сахалыы киинэни эрдэ көрбүтүҥ буолаарай?

– Татарстааҥҥа саха киинэтин билэллэр, көрөллөр, сэргииллэр. Онон бу эйгэ улаханнык сайдыбыт, таһымын сиппит сиригэр кэлэрбин билэр этим. Ол иһин долгуйарым. “Спасатель”, “Холодное золото” диэн киинэлэри билэбин. Татаардар сахалар киинэни усталларыгар хайдах былааннаахтык үлэлииллэрин, тиэхиньикэлэрин билиэхпитин баҕарабыт.

– Биир ыйынан Дьо­куускайга кэллиҥ. Саха сирэ эйигин хайдах көрсүбүтэй?

– Алтынньы бүтүүтэ Дьо­куускайга кэлбитим. Күннээх халлаан турара, тула өттүм барыта маҥан хаар этэ. Миигин аэро­пуорка Саха тыйаатырын артыыһа, киинэбит продюсера Иннокентий Луковцев көрсүбүтэ. Пуортан куоракка айаннаан иһэн кини Саха сирин уратытын, тоҕо дьиэлэр сыбаайаҕа туралларын, массыынаны хайдах гыннахха тоҥмотун, турбалар тоҕо сир анныгар кистэммэттэрин уо.д.а. кэпсээбитэ. Санаабар Арассыыйаҕа буолбакка, атын дойдуга кэлбит курдугум.

Кэлээппин кытта мас-рестлиҥҥэ аан дойду чөмпү­йүөнэ Дмитрий Саввин эрчийбитэ. Мин аэропуортан тахсаат даҕаны киинэҕэ уһулларга бэлэм сылдьыбытым, ону уоскутаннар, килиимэк­кэ үөрэн, күҥҥэр-дьылгар киир, мас тардыһыы туһунан бил, дьарыктан диэн бириэ­мэ анаабыттара. Онон түөрт күн иһигэр араас албаска үөрэммитим, Дмитрий Саввин дьарыктыыр уолаттарын кытта бииргэ эрчиллибитим.

– “Дьулууру” устар кэм хайдах ааспытай? Ордук кимниин бодоруспуккунуй?

– Киинэҕэ буолбут улахан күрэхтэһии уонча мүнүүтэ иһигэр көстүбүт буоллаҕына, ол сыананы биһиги сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри устубуппут. Аны каадырга былчыҥ, иҥиир көстөрүн наадатыттан, анал диетаны тутуспутум, уу иһэрбин аҕыйата сатаабытым. Онон олус түргэнник сыла­йар этим. Сэтинньи онус чыыһылаларыгар уһуллуохтаах сыаналарбын барытын бүтэрбиппит.

“Дьулуурга” уһуллубуппуттан олус астынабын, киэн туттабын. Бу киинэ айар үлэбэр улахан оруолу оонньоото. Маннык үрдүк таһымнаах бырайыакка кыттан, үлэм санаам хоту табыллан барда. Бииргэ уһуллубут артыыс­тарбын Петр Садовниковы, Гаврил Менкяровы, режиссербун Валентин Макаровы кытта билсэбит.

Манна, Татарстааҥҥа, тыйаатырга, киинэлэргэ романтическай дьоруойдары оонньуурум, онтон ол амплуаттан тахсан, атын уобараска холонон көрүөхпүн саныырым. Онтум “Дьулуурга” табылынна дии саныыбын. Интэриэһинэйэ диэн, “Дьулуурга” уһуллубутум кэнниттэн аны наар омсолоох дьоруойу оонньоо диэн этиилэр киирэр буоллулар.

– Татаардар эн уһуллубут киинэҕин көрдүлэр дуо? Хайдах сыаналаабыттарай?

– Киинэбит Арассыыйа үрдү­нэн премьералаабыта даҕаны, тоҕо эрэ Казаньҥа көстүбэтэҕэ. Онон көрүөн баҕалаахтар чугас­тааҕы куораттарга тиийэн көрбүттэрэ. Бу соторутааҕыта манна мусульманскай киинэ бэстибээлэ ыытыллыбыта. Онно “Дьулууру” куонкуруһу таһынан диэн көрдөрбүттэрэ,  киинэбитин биир дойдулаахтарбар билиһиннэрбитим. Көрбүт дьон олус астыммыттара.

Бу курдук, татаар артыыһа саха киинэтигэр американеһы оонньообутун туһунан, кылгастык да буоллар, санаатын үллэһиннэ. Кэпсэтиибит түмүгэр Ратмир инженер үөрэхтээҕин кэпсээн соһутта. Биэс сыл физиканы чинчийэн үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, бэйэтин баҕатынан идэтийбит маастардары булан үөрэммит, араас маастар-кылаастары ааспыт. Онон билигин  Ратмир Гарифуллин Татарстааҥҥа тыйаатырга оонньуур, бырайыактарга кыттар кэскиллээх эдэр артыыс буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: