«Дыгын оонньуулара»: Быйыл ким кыайыылаах буолуоҕай?
«Дыгын оонньуулара» ыытыллара ыйы кыайбат хонук хаалла. Үксүлэрбит тулуйбакка кэтэһэр, манаһар «Туймаада ыһыаҕын» кылаан тэрээһинигэр улуустар чулуу спортсменнара киин куоракка үс түһүмэхтээх сүүмэрдээһин турнирын ааһан, билигин тиритиилээх-хорутуулаах, хара быар хамсааһыннаах, сүрэх өрүкүйүүлээх киирсиилэргэ бэлэмнэнэллэр.
Ким кыайыай? «Туймаада ыһыаҕын» хонуутугар үгэскэ кубулуйбут күрэҕин сэҥээрээччилэрин, кэрэхсээччилэрин быйыл ким үөрдүөй? Ханнык улууска 1 мөл. солк. бириис тиксиэҕэй? Ити курдук күрэхтэһии биир лиидэрэ, Таатта бөҕөһө Николай Матаннанов эчэйэн, кыттыбат буолбутуттан, элбэх cаарбахтааһыннар, таайан көрүүлэр куйаар ситимигэр успуорду сэҥээрээччилэри күн-ахсын долгутара көстөр.
Дьэ, кырдьык, быйыл «Туймаада ыһыаҕын» сүрүн күрэхтэһиитин спортсменнарын ортолоругар Аан дойду уонна Арассыыйа чөмпүөйэннэрэ күөн көрсөллөр. Саамай саастаах кыттааччы бөҕөс 34 саастаах, оттон саамай эдэр саастааҕа 20-лээх. Оттон кыттааччылартан саамай саастаахтарынан Горнай улууһуттан 34 саастаах Дьулустан Ноговицын буолар. Кини мас тардыһыыга аан дойдутааҕы икки төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна национальнай многоборье Кубогын чөмпүйүөнэ.
Санаттахха, бэс ыйын 29-30 күннэригэр «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ күрэхтэһии кылаан аатын сүгүөҕэ уонна «Прогресс» ХЭУо хампаанньа бирииһин биир мөлүйүөн солкуобай бирииһи тутуоҕа.
Эрдэ иһитиннэриллибитин курдук, быйыл Матаннановы Орто Халыма улууһуттан Арассыыйатааҕы Хотугу многоборьеҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, 27 саастаах Алексей Сазонов солбуйуоҕа. Бу иннинэ «Дыгын оонньууларыгар» кыттаары бары ыытыллыбыт хапсаҕай уонна мас тардыһыытын турнирдарыгар көхтөөхтүк кыттыбыт сураҕа иһиллибитэ. Кини 400 миэтэрэ сүүрүгэ тэҥнээҕин була илигинэн аатырар.
Улуустарынан ыллахха, бу сылга иккилии, сорохторго үстүү бөҕөстөр улуустарын чиэһин көмүскүөхтэрэ, аатын ааттатыахтара. Холобур, Кэбээйи улууһуттан Артем Дьяконов, Яков Дмитриев уонна Алексей Уваровскай кытталлар. Үөһээ Бүлүү улууһуттан икки спортсменнар Айсен Ботуев уонна Владимир Шологонов улуус чиэһин көмүскүөхтэрэ. Оттон Сунтаар улууһуттан Алексей Соколов уонна Тимофей Большаков киирсиэхтэрэ. Онон «Дыгын оонньууларыгар» бу улуустартан улахан дэлэгээссийэни кытта элбэх ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр.
Ити курдук, «Дыгын оонньуулара-2024» чөмпүйүөнэ ким буолуоҕай? Успуорду сэҥэрээччилэр этэллэринэн, бастатан туран 2022 сылга оонньуулар кыайыылааҕа, 1999 с.т. Алексей Уваровскай буолара сабаҕаланар. Ааспыт сылга эрчиллии кэмигэр улахан эчэйиини ылбыта, онон быйыл күүскэ киирсэрдии дьулуурдаах. Кини тутум эргииргэ 12 бөҕөстөн үчүгэй көрдөрүүлээх – барыта 65 эргиири оҥорбута. Итини кытта мас тардыһыыга аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицыны Маҥарас олохтоохторо Таас Боотур диэн ааттыыллар. Бу мээнэҕэ буолбатах. Кини Дыгын оонньууларыгар 201 миэтэрэҕэ уонна «Туймаада» стадиоҥҥа 250 миэтэрэҕэ диэри тааһы көтөҕөн ыраахха илдьэргэ рекорду олохтообута. Бу көрүҥҥэ кини мэлдьи үс бастакы кыайыылаахтар ахсааныгар киирэр. Онон Горнай улууһуттан 34 саастаах спортсмен «Дыгын оонньуулара» кыайыылаҕа буолар ыра санаата туоларын бэс ыйын 29-30 күннэригэр ыытыллар «Туймаада ыһыаҕар» билиэхпит.
Дьиҥ чахчытынан, быйыл оонньууларга күүстээх киирсии түмүгэр ким баҕар кыайыылааҕынан тахсыан сөп. Холобур, «Үс төгүл үс» ыстаҥаҕа рекорду (35,56 миэтэрэ) Кэбээйиттэн Яков Дмитриев тутар. Үөһээ Бүлүүттэн ытыыга Айсен Ботуев үчүгэй көрдөрүүлээх (сүүмэрдиир финал күрэхтэһиитигэр 25 очкону ылбыта). Ону кытта бу оонньууларга уоппуттаахтарынан Чурапчыттан Павел Друзьянов, Ньурбаттан Николай Обоев, Амматтан Борис Сдвижков уонна Сунтаартан Тимофей Большаков буолаллар. Ону кытта быйыл эдэр эрчимнээх спортсменнар кылаан бириис иһин туруулаһыахтара: Кэбээйиттэн Артем Дьяконов (2004 с.т.), Сунтаартан Алексей Соколов (2003 с.т.) уонна Үөһээ Бүлүүттэн Владимир Шологонов (2001 с.т.).
Хапсаҕайга спортсменнар күүстэрэ тэҥ. Оҕунан ытыыга саарбахтааһыннар бааллар. Мас тардыһыыга Ноговицын эбэтэр Сдвижков кыайыахтарын сөп. Хомойуох иһин, быйыл кыттааччылар ортолоругар Нам уонна Хаҥалас улууһун спортсменнара суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: