Өбүгэ оонньуулара түөлбэ дьиэ кэргэттэрин сомоҕолоото

Share

Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэрин түөлбэлэрэ сыл устата ыытыллар күрэстэр чэрчилэринэн, өбүгэ саҕаттан оонньонор остуол оонньууларыгар күөн көрүстүлэр.

 Тэрээһин туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин дьаһалтатын ыччат ааҕыныстыбатын пресс-сулууспатыттан  Роман Дмитриев сырдатта:

Бэрдьигэстээххэ түөлбэ үлэтэ араас хайысханан олус көхтөөхтүк ыытыллар. Хабылыкка уонна хаамыскаҕа күрэхтэһии ыытылыыта үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, балаһыанньа быһыытынан хас биирдии түөлбэттэн хамаандаҕа оҕолор төрөппүттэрин эбэтэр эбээлэрин, эһээлэрин кытта кыттыыны ыллылар. 

 Тэрээһиҥҥэ “Эбэ”, “Үрдэл”, “Эйэ”, “Киин”, “ДРСУ”, “Сардаҥа”, “Мелиоратор”, “Сэттэ” түөлбэлэр бэйэлэрин хамаандаларын туруоран кытаанах киирсии буолла. Улахан дьон үгүстэрэ бу көрүҥнэргэ уопуттаах, инники оонньууларга кыттыбыт буоллахтарына, оҕолор үгүстэрэ хабылыкка, хаамыскаҕа аан бастакытын оонньоотулар. Онон кэнэҕэс өбүгэ оонньууларын салгыы сайыннарыыга көлүөнэ солбуйсуута баар буолсу диэн биһиэхэ, тэрийээччилэргэ, эрэл кыыма саҕылынна.

Хаартыска -- Роман Дмитриев түһэриитэ.

 Түмүккэ 2-лии мүнүүтэ иһигэр түргэнник, хаачыстыбалаахтык оонньоон, элбэх очукуоламмыттар кыайыы үөрүүтүн биллилэр. Онон 1-кы миэстэ – “Үрдэл”, 2-с миэстэ —  “Мелиоратор”, 3-с миэстэ —  “Эйэ” түөлбэлэр буоллулар.

 Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар ыытыллыбыт өбүгэ ооньууларын тэрээһинэ түөлбэлэр дьиэ кэргэттэрин сомоҕолоон, биир тыыннаан, өссө да атын тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарга кынаттаата.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

20 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

34 минуты ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

50 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

2 часа ago