Салгыы
«Эдэр Гвардия» салайааччыта байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыаҕа

«Эдэр Гвардия» салайааччыта байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыаҕа

20.10.2022, 12:55
Бөлөххө киир:

Эрэгийиэннээҕи «Эдэр Гвардия» салайааччыта Конон Артемьев баҕа өттүнэн байыаннай эпэрээссийэҕэ бараары номнуо өрөспүүбүлүкэтээҕи хомуур пуунугар тиийбит. Аҕыйах хонугунан кини  подразделение састаабыгар киирэн, байыаннай бэлэмнэниини ааһыахтаах.

Бэлиэтээн суруйдахха, Конон Артемьев элбэх оҕолоох аҕа буолар. Аармыйаҕа кини космическэй этэрээккэ сулууспалаабыт эбит. «Мин билигин бэлиэтиирбинэн, байыаннай хомуурга сыыһа-халты тахса илик. Мин дойдубут бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин бэлиитикэтин бары өттүнэн өйүүбүн!» — диир кини.

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Иван Луцкан салалтатынан быраастар биригээдэлэрэ ДНӨ айаннаабыттара. Быраастар эрэгийиэн олохтоохторугар уонна байыаннай сулууспаҕа сылдьааччыларга мэдиссиинэ өттүнэн көмө оҥоруохтара.

Быстах хомуур туһунан ыйытыылардаах буоллаххытына, 122 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 73% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: