«Эдэр Гвардия» салайааччыта байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыаҕа

Share

Эрэгийиэннээҕи «Эдэр Гвардия» салайааччыта Конон Артемьев баҕа өттүнэн байыаннай эпэрээссийэҕэ бараары номнуо өрөспүүбүлүкэтээҕи хомуур пуунугар тиийбит. Аҕыйах хонугунан кини  подразделение састаабыгар киирэн, байыаннай бэлэмнэниини ааһыахтаах.

Бэлиэтээн суруйдахха, Конон Артемьев элбэх оҕолоох аҕа буолар. Аармыйаҕа кини космическэй этэрээккэ сулууспалаабыт эбит. «Мин билигин бэлиэтиирбинэн, байыаннай хомуурга сыыһа-халты тахса илик. Мин дойдубут бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин бэлиитикэтин бары өттүнэн өйүүбүн!» — диир кини.

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Иван Луцкан салалтатынан быраастар биригээдэлэрэ ДНӨ айаннаабыттара. Быраастар эрэгийиэн олохтоохторугар уонна байыаннай сулууспаҕа сылдьааччыларга мэдиссиинэ өттүнэн көмө оҥоруохтара.

Быстах хомуур туһунан ыйытыылардаах буоллаххытына, 122 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Устудьуоннарга 25% чэпчэтии

Саха тыйаатыра  саҥа сезонугар эдэр ыччакка чэпчэтиини олохтоото. Ол курдук устудьуоннар 25%  чэпчэтиинэн туһанар буолуохтара.…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барар айана төлөммүт

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө.    2025…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр  8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөөбөтөх кирэдьиитин туһуттан массыынатыттан матта

Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан  биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 инбэлиит турар

"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр: Кыайыы иһин!

Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан  икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…

2 часа ago