Эдэр сылгыһыт үөрүүтэ

Share

Быйыл саас I Баатара нэһилиэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы «Сылгыһыт күрэҕэ» ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ «Саамай эдэр кыттааччы» үрдүк аатын I Наахараттан төрүттээх, 25 саастаах Герман Константинов сүкпүтэ.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьоһун-мааны бирииһи – икки саастаах борооскуга сэртипикээти «Өктөөбүр 50 сыла сопхуос» хаһаайыстыба аатыттан РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи билимин киинин генеральнай дириэктэрин уопсай боппуруостарга солбуйааччыта Тихон Скрябин туттарбыта. Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Соторутааҕыта, саха сайыны көрсөр үтүө кэмигэр, мэктиэлэммит тыыннаах борооску бирииһин, I Наахара эдэр сылгыһытыгар Гермаҥҥа Тихон Скрябин сыа-сым курдук аҕалан, анаан-минээн туттарда.

«Бу кыһын бырабыыталыстыба отчуотугар тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанан эрэр ыччаттарбытын өйүөххэ диэн этии киирбитэ. Бу бачыымы быһа гыммакка, тута өйөөн, аймах дьоммун кытта сүбэлэһэн баран, тус бэйэбит хаһаайыстыбабыт аатыттан бу төһүү бирииһи – борооскуну, эдэр киһиэхэ, өбүгэ ситимин салҕааччыга туттарарга санаммыппыт. Мэктиэлэммит бирииспин эт илиибинэн эдэр сылгыһыкка Гермаҥҥа үөрэ-көтө аҕалан туттардым. Ынах-сүөһү төрдө буоллун, уйгулаах-быйаҥнаах олоҕу аҕаллын диэн ис сүрэхпиттэн сахалыы алҕыыбын», — диэн Тихон Скрябин кэпсиир.

I Наахара нэһилиэгин олохтооҕо, Герман аҕата Родион Петров маннык кэпсиир:

«Сылын аайы ыытыллар «Сылгыһыт күрэҕэр» биһиги нэһилиэк аатыттан куруутун көхтөөхтүк кыттабыт. Быйыл эмиэ баран кыттан кэлбиппит, онно уолбут Герман «Саамай эдэр кыттааччы» аатын сүкпүтүттэн, соһуйбуппут даҕаны, үөрбүппүт даҕаны. Кини – сэттэ бииргэ төрөөбүттэртэн ыал улахан оҕото. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн сүрүн эрэлбит, төһүү көмөбүт буолар. Бырааттарын-балыстарын көрөн-истэн, бүөбэйдэһэн, тыа сирин туох баар күүстээх үлэтигэр кыттыһан улааппыта. Биһиги 50 үөр сылгылаахпыт, олорбут үрэх баһыгар тураллар. Уолбунаан кэлэ-бара сылдьан көрөбүт-харайабыт. 20 төбө ынахтаахпыт, онтон баһыйар өттө ыанар. Онно эбии бу толуу тыһы борооску кэлбитэ, инникитин ньирэй ыларга, хаан уларытарга үчүгэй. Уолбар сүөһү төрдө буолуо. Хаҥаластан төрүттээх, биһиги улууспутун кытта бэрт үчүгэй доҕордуу сыһыаннаах Тихон Скрябин тус бэйэтин хаһаайыстыбатын аатыттан маннык дьоһун-мааны бириис туруорбутун мин хайҕыы көрдүм. Бу курдук өбүгэ төрүт дьарыгын салҕыыр, утумнуур сахабыт ыччатын өйүүр дьон баар буоллахтарына, эдэр дьон сүөһүгэ-сылгыга сыстыа, удьуор-утум салҕаныа диэн мин бүк эрэнэбин».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Бэрт-Ууһугар «Байанай» күрэхтэһиитэ ыытылынна

Уус Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр сэтинньи 23 күнүгэр "Байанай" күнүгэр анаан булчут уолаттар көҕүлээһиннэринэн быыстапкалаах,…

51 секунда ago
  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн…

17 минут ago
  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

31 минута ago
  • Сонуннар

Көнөрө буоллар

Аҕыйах хонуктан ыла Дьокуускай уулуссаларынан оптуобустар сырыылара уларыйан, айанньыттар бары саҥа маршруппутугар үөрэнэбит. Сыыһа-халты олорсуу,…

39 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар

Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ --…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сирин оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар үүнээйини олордуу саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгин Баатара оскуолатыгар тохсунньу ыйтан оҕолор салаат уонна оҕурсу үүннэрэр тэпилииссэлэрэ…

1 час ago