Эдэр ыалы өйүөҕүҥ!
«Сыл бастыҥ ыала-2024» Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сириттэн Валерия, Константин Владимировтар кыыстара Сандааралыын кытталлар. Кинилэр Ньурба улууһуттан сылдьаллар. Билигин «Народная симпатия» номинацияҕа куоластааһын буола турар. Куоластааһын атырдьах ыйын 1 күнүгэр сарсыарда 6.00 чааска түмүктэнэр. Кыайыылаахтары быһаарыыга диэри биир күн хаалла.
Санатан эттэххэ, урут эдэр ыалга Ил Дархан Айсен Николаев куоластаабыта. «Владимировтары өйүөххэ, сомоҕолоһуохха уонна түмсүүлээх буоларбытын көрдөрүөххэ!» — диэн Ил Дархан ыҥырда.
Барыллаан куоластааһын түмүгүнэн 1 миэстэҕэ Саха сирэ -22586, 2 миэстэҕэ Тыва — 21532 иһэллэр.
Онон биир дойдулаахтарбытыгар куоласпытын биэриэххэ.
Хайдах куоластыыбыт?
1. «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ киирэҕит: https://vk.com/write-224305407
2. Чат-ботка «НАЧАТЬ» диэн кунуопканы баттыыгыт.
3. «Дальневосточный ФО» диэн эрэгийиэни талаҕыт.
4. «Республика Саха (Якутия)» диэн талаҕыт.
7. «Проголосовать» диэн кунуопканы баттыыгыт.
«ВКонтакте» социальнай ситимҥэ киирэн, Владимировтар устубут, дьиэ кэргэннэрин туһунан кэпсиир роликтарын көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: