Эдьигээҥҥэ быйыл эргиэн-логистика киинин үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 18 күнүгэр, Эдьигээҥҥэ тутуу хаамыытын билистэ. «Эбийиэги болдьоммут кэмигэр, сэтинньи бүтүүтүгэр, үлэҕэ киллэрэр наада», — диэн Ил Дархан сыал-сорук туруорда.
«Якутоптторг» АУо бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, эргиэн-логистика киинин биир ыскылаата бэлэм, онно 165 туонна социальнай суолталаах ас-үөл баар. Ону таһынан, өссө атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар табаар кэлиэхтээх.
Бырайыак 141 мөл солк. Сакаасчыт «Якутоптторг» АУо тутууга бэйэ матырыйаалларын атыылаһан аҕалар. Сирин-уотун тупсаран оҥоруу уонна эбии эбийиэктэри киллэрии сүрүн киин кэнниттэн салҕаныахтаах. Тутуу уопсай иэнэ — 578,49 кв м. Манна атыы-тутуу саалата, оҕуруот аһын хаһаанар сир, аһы сойутар, тоҥорор камералар, сылаас, тымныы ыскылааттар баар буолуохтаахтар. Билигин тымныы ыскылааты тутар-монтажтыыр үлэ бүтэн эрэр, киин муостатын бетоннууллар, ититии ситимин сыбааркалыыллар, о.д.а. үлэ тиһиктээхтик салҕанар.
Санатан эттэххэ, Арктика оройуоннарыгар эргиэн-логистика кииннэрэ Ил Дархан «О Стратегии социально-экономического развития Арктической зоны Республики Саха (Якутия) на период до 2035 года» ыйааҕынан тэриллэллэр. Айсен Николаев сорудаҕынан, 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуона эргиэн-логистика кииннэниэхтээх. Билиҥҥитэ биэс киин: Абыйга Белай Гораҕа, Усуйаанаҕа Усть Куйгааҕа, Аллараа Халымаҕа Черскэйгэ, Үөһээ Халымаҕа Зырянкаҕа, Анаабырга Сааскылаахха үлэлииллэр. Маннык кииннэр туһалаахтара көһүннэ. Ол курдук, социальнай суолталаах табаарынан хааччыллаллар, оҕуруот аһын уонна аһы-үөлү уһуннук хаһаанар сирдээхтэр.
СӨ Ил Дархан уонна Бырбыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…