Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Share

Эдьигээҥҥэ «Кыайыы 65 сыла» хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол үлэлиир.

Температурата билигин 67 кыраадыска тэҥнэһэн турар, «обраткатыгар» – 45 диэн иһитиннэрэллэр.

«Бүгүн, тохсунньу 7 күнүгэр, 19:00 ч. туругунан «Кыайыы 65 сыла» хочуолунайга «4 №-дээх хочуол үлэтэ толору түмүктэннэ. Билигин, аны, оттоллор. Хочуол толору үлэлээн бардаҕына, температуратын көтөҕүөхпүт уонна эрэсиимҥэ киириэхпит. 1 №-дээх хочуол үлэтэ салҕанар. Бүгүн 16:00 чааска саппаас чаастардаах массыына ыытылынна. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сылаас буолла диэн бэлиэтэнэр«, — диир «СӨ ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев.

Бэстээх сэлиэнньэтигэр туһанааччылар уотунан ититиллэр тэрилгэ көһөрүллүбүттэр. «Сахаэнерго» АУо генеральнай дириэктэрэ Петр Кондратьев иһитиннэрбитинэн, уотунан барар тэрил үчүгэйдик үлэлии турар.

Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтин баһылыга Петр Афанасьев оскуолаҕа үөрэх олохтоммут кэмигэр саҕаланыа диэн эрэннэрдэ. Уһун сынньалаҥ бүтүөр диэри оскуолаҕа уон кылаас муостатын барытын сылытар былааннаахтар. Билигин түөрт кылааска үлэ түмүктэммит. Сылытарга туттар матырыйааллара барыта Дьокуускайга атыылаһыллыбыт уонна сэлиэнньэҕэ ыытыллыбыт. Сарсын таһаҕас Бэстээххэ тиэрдиллиэхтээх. Оскуолаҕа билигин 20-22 кыраадыс.

«Бэстээх сэлиэнньэтигэр уонна Эдьигээҥҥэ чөлүгэр түһэрии сүрүн үлэлэрэ түмүктэнэн эрэллэр«, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын  Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников этэр. Кини Эдьигээҥҥэ 1 №-дээх хочуолунай өрөмүөнүн, Бэстээххэ оскуоланы сылытарга ыытыллар үлэни былааннаммыт болдьохторугар бүтэрэргэ соруйда.

Нэһилиэнньэлээх пууннарга Эдьигээн улууһун дьаһалтатын, Эдьигээн сэлиэнньэтин, ГПМ, МЧС, «Сахаэнерго» уонна «СӨ ОДьКХ» ГУП бэрэстэбиитэллэрэ күннэри-түүннэри дьуһуурустубалыыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскалар: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Видео: Кэбээйигэ Ороһооспо дьиктитэ

Дьэ, кырдьык дьикти түгэн Кэбээйигэ Ороһооспо күн буолла. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар иһийэн турар тыаны оҕолор…

5 часов ago