Эдьигээннэр оскуола тутулларын күүтэллэр

Share

Олунньу 6 күнүн иккис аҥарыгар Эдьигээн улууһугар Бырабыытылыстыба отчуотун ыыта кэлбит исписэлиистэр Эдьигээн орто оскуолатын эбийиэктэрин кэрийдилэр.

Үөрэҕирии салаатыгар киирэр эбийиэктэр сорохторо ааспыт үйэ 60-80-с сылларга тутуллубуттар, онон кыһын оҕо үөрэнэригэр сөптөөх сылааһы туталлара уустуктардаах. Билигин Эдьигээҥҥэ 450 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллуутугар анаан бырайыактыыр симиэтэ үлэтэ бэлэмнэниэхтээх. Оскуола дириэктэрэ Любовь Корякина интэриниэт мөлтөҕө оҕо сайдыытын олус атахтыыр диэн этэр.

Егор Карпов хаартыската.

“Цифровой тэҥэ суох буолуу олус охсуулаах буолла. Холобура, бүгүн үрдүкү кылаас оҕолоро АГАТУ олимпиадатыгар кытта сатаатылар, ол эрээри интэриниэт мөлтөҕүттэн сорудахтар кэмигэр ааспаккалар, болдьоммут кэмҥэ сорудахтары кыайан толорботулар”, — диир дириэктэр. Любовь Петровна маны кытта оскуола саҥа дьиэлэннэҕинэ хайдах быһыылаахтык үөрэнээччилэр үөрэниэхтэрин былааннаан кэпсээтэ. Былырыын Эдьигээн улууһун Кыстатыам нэһилиэгэр таас оскуола-саад үлэҕэ киирбитэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Якутск – исторический!» бэстибээл буолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Дьокуускайга "Эргэ куорат" оройуонугар «Якутск – исторический!» бэстибээл буолла. Тэрээһиҥҥэ…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

15:00 чаас: 30,37 % киһи куоластаата

Бүгүн 15:00 ч. дааннайынан, 30,37 % киһи куоластаата диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Улуус…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта оҕолоох ийэ быыбарга көхтөөхтүк кыттар

Аллараа Халыма улууһун Колымскай сэлиэнньэтин (Халарчы нэһилиэгэ) 394 №-дээх быыбардыыр учаастагар алта оҕолоох ийэ,  2025…

53 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Угуйугунан аһара үлүһүйбэккэ…

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн куйаар ситимигэр угуйук туһунан сокуон үлэтин саҕалаата. Саҥа сокуон…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Воин» киин курсааннарын бастакы хамаандата Хабаровскай кыраайтан кэллэ

Бөлүүн түүн Хабаровскай кыраай хамаандата Саха сиригэр «ВОИН суола» байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэригэр кытта көтөн кэллэ. «Амур…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аарыма тайах Төҥүлү суолугар

Бүгүн социальнай ситиминэн  аарыма улахан тайах суолу туоруур  видеота тарҕаттылар. Тайах Төҥүлүлүүр суолу туораабытын иһитиннэрдилэр.

2 часа ago