Егор Борисов: “Эрэгийиэннэр суолларыгар хаһааҥҥытааҕар да болҕомто күүһүрдэ”

Share

Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Егор Борисов “Халыма” федеральнай суол тутуута икки эрэгийиэҥҥэ улахан суолталааҕын, кэлиҥҥи сылларга национальнай бырагырааманан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка суоллар балысханнык тутуллан иһэллэрин, онуоха Саха сиригэр сүүһүнэн көстөөх сир былааҥҥа киирбитин Чурапчыга диэри аспаал суол аһыллыытын кэмигэр бэлиэтээн эттэ.

“Халыма” суола номоххо киирбит трасса буолар. Историяттан көрдөххө, бу суолунан өссө сүүс сыллааҕыта Саха сирин атыыһыттара Охотскай муораҕа тиийэллэрэ. XX үйэҕэ бырамыысыланнаһы сайыннарыынан “Дальстрой” тэриллэн, Магадантан суолу оҥоруу саҕаламмыта, салгыы суол Хаандыгаҕа диэри оҥоһуллубута. 80-с сыллардаахха Чурапчы оройуонун салалтата туруорсан, 90-с сыллардаахха Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри кумаҕынан, гравийынан кутуллубут саҥа суол кэлбитэ, — диэн этэр Егор Афанасьевич суол тутуутун историятын кэпсииригэр.

Санатан эттэххэ, 2000 сыллардаахха өрөспүүбүлүкэ суолларыгар улахан болҕомто ууруллан сорох суоллар федеральнай суолталаммыттара.

Ити кэмҥэ улахан трассаларбытыттан Дьокуускай-Мииринэй-Ленскэй хайысханан барар суолбут федеральнай статуһу ылан, “Бүлүү” федеральнай суол буолбута, — диэн этэр кини.

Онон өрөспүүбүлүкэ ити кэмҥэ “Лена”, “Халыма”, “Бүлүү” федеральнай таһымнаах үс суолламмыта. Егор Борисов этэринэн, бу суоллары оҥоруу 2012 сылтан саҕаламмыт.

2012 сыллаахха оччолорго РФ тырааныспарын миниистирэ Максим Соколовтуун Саха сирин суолун-ииһин, тырааныспарын боппуруостарыгар Дьокуускайга икки күннээх мунньаҕы ыыппыппыт. Онно Максим Юрьевичка федеральнай суоллары баран көрүөххэ диэн Аллараа Бэстээхтэн Төҥүлүгэ диэри массыынанан айаннаан, Томпо, Өймөкөөн хайаларын быыстарынан ааһар кутталлаах учаастактарбытын бөртөлүөтүнэн көтөн көрөн-истэн турабыт. Максим Юрьевич федеральнай суоллар быстар мөлтөх туруктаахтарын илэ хараҕынан онно көрөн итэҕэйэн барбыта. Бу сырыытын кэнниттэн миниистир Саха сирин федеральнай суолларын өрөмүөннээһиҥҥэ, саҥардыыга уларытыылары киллэрэн, үбүлээһин лаппа улааппыта, суолу көрөр управление структурата да уларыйбыта. Саха сирин дьоно ити уларыйыыны икки-үс сылынан тута билбиппит. Өймөкөөҥҥө диэри кутталлаах учаастактарбыт оҥоһуллубуттара, муосталар тутуллан барбыттара, ону таһынан федеральнай суоллары аспааллааһын саҕаламмыта, — диэн бэлиэтиир кини.

Егор Афанасьевич салгыы билигин баар национальнай бырагырааманан, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн суоллары оҥоруу күүскэ баран эрэрин, Саха сирин салалтата национальнай бырайыактары киллэриигэ бастакы күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтиир.

Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ-хамнас сүрдээх күүскэ бара турар. Ил Дархан Айсен Николаев салалтатынан Сахабыт сиригэр үгүс бырайыак олоххо киирэн иһэр. 2018 сылтан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан эрэгийиэннэр суолларын-иистэрин оҥорууга, саҥардыыга улахан болҕомто уурулунна. Ааспыт үс сыл иһигэр дойду үрдүнэн 50 тыһыынчаттан тахса киэлэмиэтир суол оҥоһулунна. Биһиги эрэгийиэммит итиннэ саамай улахан кээмэйдээх тутуутунан киирбитэ. Үс сыл устата тыһыынчаттан тахса суол оҥоһулунна. Бу маннык улахан тутуу Саха сиригэр өссө бара илигэ. Онон инникитин өссө да элбэҕи оҥорор, киллэрэр кыахтаахпыт. Онно биһиги норуот быһыытынан түмсэрбит олус улахан суолталаах. Өрөспүүбүлүкэбит иһигэр, дойдубут үрдүтүнэн. Биһиги дьолбут, кыайыыбыт, үлэбит түмүгэ норуот түмсүүтүгэр сытар, — диэн иһитиннэрэр кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago