Егор Григорьев: «Владимир Путин миэдиктэри өйүүр саамай сөптөөх дьаһалы таһаарда»

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыра нэһилиэктэргэ, оройуон кииннэригэр, куораттарга үлэлиир миэдиктэр хамнастарыгар кулун тутар 1 күнүттэн эбии төлөбүрү олохтуур туһунан быһаарыытынан Бүлүү оройуонун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа, Ил Түмэн дьокутаата Егор Григорьев санаатын үллэстэр:

— Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин миэдиктэр хамнастарыгар эбии төлөбүрү олохтуурун туһунан этиитин үөрэ иһиттибит. Бу этиини РФ Бырабыыталыстыбатыгар олох кылгас болдьоххо быһаарыҥ диэн соруйбута биһиэхэ эрэли үөскэттэ. Биһиэхэ, тыа сиригэр, билигин кыһалҕабыт диэн,  миэдиктэрбит олус улахан ноҕоруускалаахтык үлэлииллэрэ буолар, онуоха итинник өйөбүлү оҥоруу олус үчүгэй. Тыа сирин мэдиссиинэтин үлэһиттэрин өйөөтөхпүтүнэ эрэ сатанар. Ону өйдөөн Владимир Путин саамай сөптөөх дьаһалы таһаарда дии саныыбын. Бу күннэргэ нормативтар кэллэхтэринэ, дьоммутугар иһитиннэриэхпит.

Бүгүн мэдиссиинэ сэбиэтигэр эмиэ бу туһунан кэпсэттибит. Түгэнинэн туһанан, бу буолаары турар дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар биһиги Владимир Путины өйүүрбүтүн биллэрэбит. Биир киһи курдук, биир сомоҕо буолан, биһиги, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ куоласпытын биэрэргэ бэлэммит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago