Егор Никифоров-Басхаай: «Ийэ сир куйаҕа…»

Share
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 19-с кыттааччыта Бүлүү Тылгыныттан Егор Никифоров-Басхаай:

Ийэ сир куйаҕа

Дойдугар туһалаах буоларыҥ,

Дуона суохтан, олох дьоҕустан,

Ол курдук сыыҋа саҕаланан,

Олоххо буһан-хатарыллан.

Кыра балтыгын да көмүскээн,

Кыратык охсуһа түһэҥҥин,

Көмүскүүр диэннэрин билэҥҥин,

Куккар иҥэн, билэн иһиэҕиҥ.

Үтүөнү үтүөнэн сыаналыыр,

Төрөөбүт алааскын харыстыыр,

Онтон барыта саҕаланар,

Тус, Иҋэ дойдугар тапталыҥ.

Ханна да ыраата сылдьаҥҥын,

Төрөөбүт түөлбэҕин саныаҕыҥ,

Дьонноргун олуһун ахтыаҕыҥ,

Сүрэххэр, дууһаҕар иҥэриэҥ.

Сааскын ситэҥҥин сириэдийиэҥ,

Ийэ сиргэр иэс төлүү барыаҥ,

Андаҕар биэрэҥҥин дьиҥнээҕин,

Ийэ сириҥ куйаҕа буолуоҥ.

Хоодуот уоланнар бастакынан,

Туруннугут дойдуну көмүскээн,

Долгуйуу долгуна түллэҥнээн,

Эйэлээх олоҕу эргитэн.

Куруутун Ийэ сир чөл буоллун,

Туругура-чэчирии турдун,

Быстах былыт күнү саппатын,

Хаҕыс тыал үрбэтин тастан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago