Бэҕэһээ, сэтинньи 18 күнүгэр, Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгин олохтоохторугар ураты бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук, нэһилиэккэ гаас ситимин аҕалыыга аналлаах маҥнайгы үлэ ыытылынна.
Хампаттан Дьөккөҥҥө диэри тиийэр гаас утаҕын тардыы үлэтэ бэҕэһээҥҥиттэн саҕаланна. «Бастакы стык» сыбаарката иһэрдилиннэ. Тэрээһиҥҥэ СӨ бырамыысыланнаска миниистирэ Максим Терещенко, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччы, кылаабынай инженер, Ил Түмэн дьокутаата Александр Гоголев кытыннылар.
«Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников: «Бүгүн биһиги Хампаттан Дьөккөҥҥө тиийэр гаас утаҕын тардыыны саҕалаатыбыт. Онон эһиил сайын гаас ситимэ нэһилиэккэ тиэрдиллиэҕэ. Олохтоохтор бу боппуруоһу 20-чэ сыл устата туруорсубуттар. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы өйөбүлүнэн бу бырайыак олоххо киирэр буолла» — диэн иһитиннэрдэ.
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…