Быйылгы Туймаада ыһыаҕын Үс Хатыҥ оһуокайа үрдүк таһымнаахтык ааста.
Манан сибээстээн быйылгы Оһуокай күрэҕин кэнниттэн өссө тугу эбии былааннаан үлэлиэххэ сөбүй диэн боппуруостарга Оһуокай түмсүү сэбиэтин чилиэттэрэ мустан мунньахтаатыбыт. Оһуокай республикатааҕы сүбэтин бэрэссэдээтэлэ А.Д.Данилов инники соруктарга туһаайан санаатын үллэһиннэ уонна итэҕэс боппуруостарга үлэлэһэргэ түмсүү сүбэтигэр сорук туруорда.
Дьокуускай куорат мээрэ Е.Н.Григорьев өйөбүлүнэн Оһуокай түһүлгэтигэр балаҕан тутуллара быһаарыллыбыт, кэлэр нэдиэлэттэн Уран диэн ааттаах тэрилтэ тутуутун саҕалыырга эрэннэрэр. Үбүлээһинэ көрүллүбүт. Балаҕан акылаатын тутуутугар уонна тутуута бүттэҕинэ, Оһуокай түмсүүтэ алгыс ыытыытыгар кыттарыгар сорудахтаата. Быйылгы ыһыахха Оһуокай түһүлгэтигэр бөҕү кутар дьааһыктар суохтарынан, бу боппуруоһу мээрийэҕэ былааҥҥа киллэттэриигэ үлэлэһиэхтээхпит. Маны сэргэ Оһуокай түһүлгэтигэр элбэх киһи кыттарынан,кэлэринэн итии чэйдээх, ис мииннээх, алаадьылаах хорчуоппаны аһар наадалааҕа этилиннэ. Ону сэргэ олорор миэстэни элбэтиллиэхтээх. Оһуокайдыыр түһүлгэҕэ кырыһа суоҕунан охсуллубут отунан хааччыйыы быйыл мээрийэ өттүттэн көрүллүбэтэ. Элбэх аһаҕас, кыра уҥкучах оҥхойдору Оһуокай түмсүүтэ субуотунньуктаан, сирин тэҥҥнээн үлэлэһэргэ санааларын эттилэр.
Маны сэргэ улуустарынан Оһуокай түмсүүтүн кытта ыкса сибээстэһэн үлэлииргэ, ыраахтан, кыайан көрсүспэт түгэҥҥэ социальнай ситим нөҥүө мунньахтаан инники соруктары кытары үлэлэһэргэ санаа этилиннэ.
Билигин республика үрдүнэн 4 Аар Дархан, 24 Дархан, сүүстэн тахса үтүөлээх этээччилэр бааллар. 24 Дархан этээччиттэн, сэттэтэ эдэр саастаах ыччаттар.
Сылын ахсын үтүө үгэс быһыытынан ыытыллар Оһуокай ыһыаҕа пааркаҕа, Оһуокай искибиэригэр от ыйын 14 күнүгэр, күнүс 2 чаастан ыытыллыаҕа. Манна быйылгы сыллааҕы Дархан уонна үтүөлээх этээччилэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга дастабырыанньалары уонна бэлиэлэри туттарыахтара.
Марта Николаева
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…