Эһиилгиттэн обществознаниены 9-с кылаастан үөрэтэр буолуохтара

Share

Кэлэр 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн обществознание биридимиэтин 6-8-с кылаас бырагырааматыттан таһаарыахтара итиэннэ 9-с кылааска биир чааһы хаалларыахтара диэн сонуну тарҕатар киин ситимнэр иһитиннэрэллэр.

“Сүрүн уопсай үөрэхтээһин былааныгар олоҕуран, обществознание 9-с кылааска үөрэтиллэр, уопсай сүбэлиир (рекомендованный) чаастара 34 чааска тэҥнэһэр, 34 нэдиэлэлээх үөрэххэ нэдиэлэҕэ биирдии чаас” – диэн докумуоҥҥа ыйыллар.

Обществознание саҥардыллыбыт кууруһа ордук быраактыкаҕа чугас буолуоҕа итиэннэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ), биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн (ЕГЭ) сорудахтарын онно олоҕуран оҥоруохтара диэн суруйаллар.

Билигин обществознаниеҕа үлэ бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн, 6-9 кылаастар нэдиэлэҕэ биирдии чаас үөрэнэллэр. 10-с кылааска биир чаас, 11-с кылаастар уруккутун курдук икки чаас үөрэтиэхтэрэ диэн ыйыллар.

Эрдэ хаалбыт чааһы устуоруйа уруогар биэриэхтэрэ диэн этэн тураллар. Бу уларыйыылар 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн киириэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago