Эһиил тохсунньуттан саҕалаан оҕо 17 сааһын туолуор диэри судаарыстыбаттан ылар көмө төлөбүрэ барыта биир тиһиккэ киириэҕэ. Бу туһунан бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан төрөөбүт оҕо 17 сааһын туолуор диэри көрүллэр көмө төлөбүр барыта биир тиһиккэ киириэҕэ. Владимир Путин бэлиэтииринэн, бу саҥа мэхэньиисим дьиэ кэргэҥҥэ улахан көмө-тирэх буолуохтаах.
— Саҥа мэхэньиисими киллэрии хаһан баҕарар уустук буолар. Ол эрээри биһиги бу үлэни биир эрэ сыл ыыппатахпыт, манна хаһыс да сылбытын үлэлэһэбит. Бу үлэбитин тиһэҕэр диэри тириэрдэн, дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү барытын биир тиһиккэ киллэриэхтээхпит. Ол эбэтэр эһиилгиттэн саҕалаан биир кэлим босуобуйа диэн көрүллүөҕэ. Манна икки түгэни бэлиэтиим, бу төлөбүрү ылыы дьоҥҥо-сэргэҕэ судургу уонна табыгастаах буолуохтаах. Киһи төлөбүрү хантан, хайдах ылара барыта чуолкай буолара ирдэниллэр. Иккиһинэн, оҕолоох ыаллар дохуоттарын үрдэтинэллэригэр усулуобуйата тэрийиэххэ. Бырабыыталыстыбаттан манна этиилэри күүтэбин. Бастатан туран, хамнас алын кээмэйин үрдэтиини көрүөххэ, бу көрдөрүү олоруу алын кээмэйин балайда куоһарыахтаах. Аны төрөппүттэр дохуоттара кыратык да улааттаҕына, судаарыстыбаттан ылар көмө төлөбүрдэрэ быһыллар, маны эмиэ үөрэтэн көрүөххэ, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Ленскэй оройуонун Пеледуй бөһүөлэгин аннынан харан турбут муус бүгүн муус болгуоттан босхолонон, салгыы уһунна диэн…
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 79 сылынан, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра ыам ыйын 8-9…
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ саҥа эбийиэктэрэ эбиллиэхтэрэ. Ол курдук, Уус Маайа улууһун Уус Маайа сэлиэнньэтигэр балыыһа…
Икки ыйдаах ырааһырдыы тэрээһинин чэрчитинэн Ленскэй улууһун олохтоохторо үгэс буолбут ыам ыйынааҕы субуотунньукка таҕыстылар. Тэрээһини…
Ыам ыйын 10 күнүгэр Покровскай - Дьокуускай суолугар сыллата ыытыллар "Лосиные бега" бэлисипиэтинэн күрэхтэһии ыытыллар.…
Саас, Үлэ бырааһынньыгынан уонна Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө, Бүлүүгэ Хаҕын нэһилиэгин туруу үлэһит дьоно-сэргэтэ,…