Өймөкөөн Аартыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуоҕа
Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Аартык бөһүөлэгин олорор дьиэлэрэ ааспыт үйэ 50-60-с сыллар саҥаларыгар тутуллубут буолан, олус эргэрдилэр, үгүстэрэ хаарбах туруктаахтар.
Олохтоохтор сыл аайы кэлэр бырабыыталыстыба мунньаҕар саҥа дьиэ тутуутун туруорса сатыыллар да, кыаллыбат. Өрүү үп тиийбэтинэн, боппуруос оннуттан хамсаабат. Быйыл да бу кыһалҕа эһиилги отчуот сытыы боппуруостарын боротокуолугар киллэриллиэ эбитэ буолуо. Ол эрээри быйыл атырдьах ыйын бүтүүтүттэн, балаҕан ыйын саҥатыттан улуус салалтата ситэриилэх былаас отчуотугар киирбит боппуруостары хонтуруолга ылан үлэлэһиэҕиттэн ыла, үгүс кыһалҕалаах боппуруос быһаарыллан эрэр.
Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов уонна улуустааҕы инфраструктура сайдыытын уонна тэрийэр-правовой хааччыйыы сулууспатын салайааччыта Василий Поскачин өрөспүүбүлүкэтээҕи министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытта сирэй көрсөн кэпсэтиилэрин түмүгэр, кэккэ боппуруостар оннуттан хамсаан эрэллэр.
— Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куоракка сылдьан хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ үлэлэстибит. “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн СӨ Олорор дьиэ тутуугар дириэксийэ салайааччыта Игорь Алексеевы кытта көрсөн, Аартык бөһүөлэгэр 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун туһунан кэпсэттибит. Итинник дьиэни тутар уопуттаах тутааччылары кытта көрсөн, тутуу матырыйаалын, сыанатын, о.д.а. тэрээһин боппуруостарга сүбэлэстибит, уопут атастастыбыт. Бу нэдиэлэ ортотугар Аартыкка тиийэн, улуус баһылыгын э.т. Александр Ивановы кытта саҥа тутуллуохтаах дьиэ миэстэтин көрдүбүт, тэрилтэлэринэн сырыттыбыт уонна хочуолунай кыстыкка бэлэмин, туругун көрдүбүт-иһиттибит.
Маны тэҥэ, бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгэр суолу өрөмүөннүү сылдьалларын тиийэн көрдүбүт. Бэдэрээтчит тустаах үлэтин оҥоро сылдьар. Төрүт суола сылы эргиччи үлэлиир статуһун ылар докумуону оҥотторо сылдьабыт. Сүрүн ирдэбиллэри толордубут, суол докумуонун оҥоттордубут. Сыл аайы суолу өрөмүөннүүр харчыны көрөн, үлэ салгыы барыаҕа.
Оскуолаҕа сырыттыбыт. 2024-2027 сылларга Төрүккэ оскуола-уһуйаан тутуутун өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамытыгар номнуо киирэн, үлэ күөстүү оргуйа олорор эбит. Аны улуус дьаһалтатыттан бырайыактыыр-сметалыыр докумуоҥҥа үлэлэһиэхпит.
… Ити курдук, улуустааҕы дьаһалта салайааччылара ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сытыы боппуруостары быһааран эрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: