Салгыы
Өймөкөөн сылгыта бары ыарахаттары тулуйар

Өймөкөөн сылгыта бары ыарахаттары тулуйар

18.02.2024, 19:52
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр олохтоохтор сүрүннээн сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар.

Уопуттаах сылгыһыт Иннокентий Неустроев сылгы иитиитинэн олох эдэр сааһыттан дьарыктанар. Нэһилиэккэ үлэ суох буолан, кэтэх сүөһүнү иитии, туһугар, ураты дьарык уонна сүрүн дохуот. Иннокентий Гаврильевич быйыл түөрт биэни уонна икки атыыры кыстатан туруорар. Эрэсиимҥэ үөрэммит сылгылар хаһаайыннарын күрүөлэригэр булбатахтарына, дьиэтин аттыгар ирдээн кэлэллэр. Иннокентий Гаврильевич улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета тустаах министиэристибэни кытта кэпсэтиһэн, улууска эбии от аҕалтаран эрэрин бэлиэтээтэ.

Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо элбэх сылгыны ииттиэ эбит да, саас буолла да, тыатааҕы «буулуур» буолан, иитиэххэ туруорар сылгытын ахсааны биллэ аҕыйаппыт. Бу туһунан Иннокентий Неустроев маннык кэпсиир:

«Олус тыйыс усулуобуйаҕа хаһан аһыыр Өймөкөөн сылгылара тулуурдаахтар», — диэн бэлиэтиир Иннокентий Неустроев.

Хаһаайын сылгыларын олус кичэллээхтик көрөр-истэр, өссө саахарынан күндүлүүр.

Быйыл Өймөкөөн улууһа Тымныы полюһунан аатырарын толору бигэргэттэ — ахсынньыттан күн бүгүҥҥэ диэри -60 кыраадыһы «тутан» турар.  Онон Өймөкөөн сылгыһыттарыгар уустук кыстык ааһан эрэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: