Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тэрийэр кэмитиэт уочараттаах мунньаҕын ыытта.
Мунньахха «Саха» НКИХ Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын уонна сабыллыытын сиэрин-туомун, ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары уонна күрэхтэһиилэри уһулан, быһа биэриигэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар көрдөрөрүгэр анаан сибээс уонна интэриниэт лиинньийэлэрэ холбонон бэлэм буолбуттарын иһитиннэрдилэр.
Уопсайа 42 хайысхалаах саха төрүт култууратыгар аналлаах 10 куонкурус ыытыллыаҕа. Онно 11 кыайыылаах (Гран-при) олоҥхоһут, оһуохай этээччи, тимир ууһа, хомусчут, фольклор жанрдарын кыттыылаахтара, уус-уран оҥоһуктар маастардара уо.д. а. наҕараадаланыахтара. Маны таһынан, успуорт 8 көрүҥэр уонна ат сүүрдүүтүн үс дистанциятыгар 30 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа. Бириистэр — бүддьүөтү таһынан үбү тардыы уонна спонсордар көмөлөрө.
Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччыта Николай Обоюков бэлиэтээбитинэн, “Көмүс күрүө” этнографическай комплекс эбийиэктэрэ бэлэмнэр, сарсын анал хамыыһыйа кэлэн тутуоҕа.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…