Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэрэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Share

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии бары хайысханан бара турар. 

 Былырыын сэтинньи саҥатыгар улуус баһылыга Иннокентий Сивцев, баһылык Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ  Никифор Протопопов уонна улуустааҕы  тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Руслан Атласов нэһилиэктэринэн сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕар аһынан-үөлүнэн кыттыһыы боппуруоһун дьүүллэспиттэрэ.

Бу күннэргэ улуус нэһилиэктэриттэн кыһыҥҥы суол сабыллыан, сааскы салгын түһэн, ириэрии саҕаланыан иннинэ эт-ас хомуллан, Томторго кэллэ.

Улуус баһылыгын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ  Никифор Протопопов бу курдук иһитиннэрдэ:

Улуус нэһилиэктэрэ аһы-үөлү хомуйууга бэрт эппиэтинэстээхтик сыһыаннастылар.  Быһа холуйан,  2,5 т эт-ас  хомулунна. Өссө да күн аайы ыыта тураллар. 

Бэҕэһээ Үчүгэйтэн икки улахан сылгы этэ (биэ) кэлбитэ. Эбии 8 таба этэ кэлиэхтээх. Биэлэр истэрин, быардарын тоҥорорго уктубут. 

Сордоҥноох, Томтор, Үчүгэй, Төрүт олохтоохторуттан кууллаах эт арааһа кэллэ. Ол иһигэр кус этигэр тиийэ баар.  

Сир аһын арааһыттан эмиэ ыыппыттар. Аны ыам ыйыгар сибиэһэй балык, кус кэлиэҕэ. Бу аспытын барытын сайын Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттарбытын аһатыыга туттуохпут. 

Эппитин эрбэтэргэ, тымныы умуһахха угарга нэһилиэк тэрилтэлэрин  эр дьоно кэлэн субуотунньуктууллар. 

Хаартыска -- Никифор Протопопов тиксэриитэ

Уолаттар түргэнник-тарҕаннык туттар буолан,  барыта кэмигэр бүтэн-оһон иһэр. 

Ити курдук, Өймөкөөн улууһа аатырбыт убаһатын этинэн, куһунан ыалдьыттары көрсөргө бэлэм.  Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын Тымныы полюһун олохтоохторо үрдүк таһымнаахтык ыытарга турунан бэлэмнэнэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

5 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

5 часов ago