Өймөкөөҥҥө киһи өлүүлээх баһаар буолла
Олунньу 23 күнүгэр Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр биир этээстээх мас дьиэ умайда. Баһаары умулларбыттарын кэннэ, 51 саастаах дьахтар өлүгэ көһүннэ диэн Саха сирин Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспата иһитиннэрэр.
Уус Ньара бөһүөлэгин баһаарынай чааһыгар баһаар туһунан иһитиннэрии сарсыарда 9 чаас 55 мүнүүтэҕэ киирбит. 10 чааска баһаарынайдар тиийбиттэрэ, дьиэ иһиттэн күүстээх буруо тахсар, ип-итиинэн суоһуур эбит. Уоту умулларан баран, дьиэ иһигэр тыыммат буолбут дьахтар өлүгүн булбуттар. Дьахтар 2-с группалаах инбэлиит буолара чуолкайданар. Дьиэҕэ баһаары сэрэтэр тэрил туруоруллубатах эбит.
Баһаар уопсай иэнэ — 25 кв.м., уот дьиэ истиэнэтин уонна муостатын сиэбит. Чугастааҕы баһаарынай чааска диэри 42 килэмиэтир тэйиччи эбит. Быһылаан төрүөттэрин, ымпыгын-чымпыгын силиэстийэлиир уорганнар быһаарсыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: