“Суруйбут сурукпут сойо да илигинэ” диэбиккэ дылы, тас дойду дьонуттан эксээмэни тутууга кэһиллии Саха сиригэр тахсыбыта билиннэ.
Тас дойду олохтооҕо Арассыыйаҕа быстах кэмҥэ олохсуйаары нуучча тылын, Арассыыйа устуоруйатын уонна суутун-сокуонун төрүттэрин билэрин туһунан эксээмэн туттарбыт.
“Дьокуускай куорат борокуратуурата ыыппыт бэрэбиэркэтин кэмигэр эксээмэн хаамыыта кэһиллиилээх барбыта, ол иһигэр, атын дьон этэн биэрбиттэрэ, кандидат билиитэ ирдэнэр таһымҥа сөп түбэспэтэ быһаарылынна.
Дьокуускай куорат борокуруорун ирдэбилинэн туһааннаах сэритипикээт дьиҥэ суоҕунан ааҕылынна.
Суут быһаарыыта күүһүгэр киирэ илик”, — диэн Борокуратуура пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Санатан эттэххэ, ити курдук түгэннэр Арассыыйаҕа баалларын, кэккэ университеттарга сэрэтии бэриллибитин туһунан бэҕэһээ саайтпытыгар суруйан турабыт. Бу ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп.
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…