Эксээмэн туттарар оҕолордоох төрөппүттэргэ көмөлөһөргө бэлэмнэр
Олох ыарахан түбэлтэтэ үөскээтэҕинэ оҕоҕо хайдах көмөлөһүөххэ? Уустук майгылаах обургу оҕоҕо тугунан көмөлөһүөххэ? Эксээмэннэр иннилэринэ балаһыанньаны тыҥааһыннаах оҥорбот туһугар хайдах дьаһаныахха? Бу уонна да атын ыйытыыларга сөптөөх хоруйу муус устар 25 күнүттэн Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын иһинэн үлэлиир психотерапия киинин төрөппүттэргэ аналлаах кулуубугар ылыахха сөп.
Кулуубу тэрийии сүрүн соруга – 3-18 саастаах оҕолор төрөппүттэрин өй-санаа өттүнэн өйөбүлү оҥоруу, ийэ уонна оҕо сыһыаннарын дьүүллэһии. Тэрийээччилэр этэллэринэн, бу барыта төрөппүккэ уонна оҕоҕо улахан суолталаах.
Бырайыагы элбэх үөрүйэхтээх килиниичэскэй психолог Ксения Ивашковская иилиир-саҕалыыр.
Кулууп нэдиэлэҕэ биирдэ, сэрэдэҕэ 16 00-17 00 чч. үлэлиир. Билиҥҥитэ кулууп маннык тиэмэлэри сырдатыаҕа:
— Муус устар 25, ыам ыйын 8, 15, 22, 29 күннэригэр – Эксээмэннэр кэмнэригэр оҕоҕо хайдах көмөлөһүөххэ?
— Бэс ыйын сэрэдэлэригэр – төрөппүт сылайыытын, “умайыытын” хайдах чөлүгэр түһэриэххэ?
— От ыйын сэрэдэлэригэр — Төрөппүт майгыта-сигилитэ: бэйэ долгуйуутун уонна уоҕу-кылыны хайдах намыратыахха?
— Атырдьах ыйын сэрэдэлэригэр — Оҕо бэйэтин сыанабылын үрдэтэригэр хайдах көмөлөһүөххэ?
— Балаҕан ыйын сэрэдэлэригэр — Оҕону үөрэххэ көҕүлээһин: олоххо хардыылары бырайыактааһын.
Кулуубу тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, дьарыктар лиэксийэ уонна атах тэпсэн олоруу ньыматынан буолуохтара. Кыттааччылары кытары психологтар, психотерапевтар үлэлиэхтэрэ.
Психоневрология диспансерын психотерапевт-бырааһа Алтана Алексеева:
«Билигин сорох дьон ханнык эмэ истириэс туругар сылдьар кэмнэрэ, ону кыайарга билиилээх уонна үөрүйэхтээх буолуохтааххын. Онуоха биһиги кулууппутугар кэлэн үөрэниэхтэрин сөп. Онтон ыам ыйыгар ордук БКЭ уонна ОГЭ туттарар обургу оҕолордоох төрөппүттэри ыҥырабыт. Эһиэхэ үөрэ-көтө көмөлөһүөхпүт”, — диэн баҕалаах дьону кулууп үлэтигэр ыҥырар.
Дьарыктар бары босхо ыытыллаллар. Кулууп үлэтигэр кыттыан баҕалаахтар 8-924-864-5658, 507-968 төлөпүөннэргэ эрийиэххитин сөп. Аадырыстара: Ф.Попов аатынан уулусса 16/4 дьиэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: