Эксээмэҥҥэ төрөөбүт тылы талар оҕо ахсаана элбээбит

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тыллары чөл хаалларыы, сайыннарыы бырагыраамата үлэлиэҕиттэн, кэлин тылга болҕомто күүһүрдэ. Оннооҕор, биир билэр омук тылын учуутала: “Тоҕо сахалыы блогер буолбаккын, билигин саха тыла муода буолла дии”, — диэн этэн аһарбыттаах.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэтиллэр төрөөбүт тылларынан саха, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукотка тыллара ааттаналлар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрүн эксээмэн (основной республиканский экзамен) уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэн (единый республиканский экзамен) баар буолан, оскуолаларга төрөөбүт тыллары уонна литэрэтиирэни үөрэтии кыаҕа кэҥээтэ, үүнэр көлүөнэ, ыччат уонна төрөппүттэр ортолоругар өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тылы киэҥник тарҕатыы уонна чөл хаалларыы үрдээтэ.  Өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрүн эксээмэни уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэни оҕолор талар биридимиэт быһыытынан туттараллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эксээмэн ЕГЭ, ОГЭ курдук оскуоланы бүтэрэр эксээмэн эрэ курдук буолбакка, үрдүк үөрэххэ киирэр (вступительным) эксээмэнинэн буолла”, — диэн СӨ Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин саайтыгар суруллар. Сиһилии ыйыллыбыт сигэни баттаан ааҕыаххытын сөп.

Манна даҕатан эттэххэ, эрдэ тустаах киин иһитиннэрбитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эмсээмэни  быйыл 13 оҕо, былырыын 7 оҕо туттарбыт. Ити курдук, сыыйа элбээн истэллэр бэрт этэ. Итиэннэ тустаах биридимиэттэри талан туттарар оҕолору көҕүлүүр туһугар, судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир кэмигэр туох эрэ хайҕабыл, өйөбүл киирэрэ бэрт этэ. Холобур, өрөспүүбүлүкэтээҕи эксээмэни талан туттарбыт оҕо ханнык баҕарар үөрэххэ киирэригэр, тус ситиһии курдук кыра да буоллар баал эбэллэрэ буоллар, төрөппүттэр оҕолоругар төрөөбүт тыл туһалаах диэн өйдөбүлү иҥэриэх этилэр. Аныгы оҕо эйгэтэ биллэ нууччатыйан, саха тылын эбии ноҕорууска курдук көрөрө баар суол.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago