СИА. Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ.
Ил Түмэн уочараттаах пленарнай 43-c мунньаҕар Федеральнай сокуоннар барылларыгар, Үлэ бэтэрээнэ ааты ылыыга уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, урукку өттүгэр сокуон хараҕынан Үлэ бэтэрээнэ буоларга 20 сыл ирдэнэр эбит буоллаҕына, түөртэн элбэх оҕолоох Арктическай оройуоҥҥа олорор, уон сылтан кырата суох үлэлээбит ийэлэр үлэ бэтэрээнэ буолар кыахтаныахтара.
Бэлиэтээн суруйдахха, Арктическай зонаҕа олорор ийэлэр, ону сэргэ иитэ ылбыт оҕолордоох ийэлэр эмиэ хапсаллар. Маны сэргэ «Мать героиня», «Высшая благодарность матери», I, II, III истиэпэннээх «Материнская слава» диэн судаарыстыбаннай наҕараадаҕа тиксибит ийэлэр уон сыл ыстаастаах буоллахтарына, үлэ бэтэрээнэ буолар кыахтаналлар.
Бырайыак сүрүн соруга дьахтар аймах социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутугар туһуланар. Бэлиэтээн эттэххэ, өйөбүл миэрэлэрин ситэрэн биэрэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев сорудахтаата.
“Саха сирэ” хаһыат үүт соҕотуопкатын боппуруоһун болҕомто киинигэр өрүү тутар. Ааспыт нэдиэлэҕэ “Үүт харчыта төлөннөҕүнэ,…
Олунньу 13 күнүгэр түүн 00:15 чааска Мииринэйдээҕи диспетчерскэй сулууспа дьуһуурунайыгар икки эр киһи сүппүтүн туһунан…
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Бу саха…
Саха сиригэр Култуура сылыгар "Сахафильм" судаарыстыбаннай национальнай хампаанньа өйөбүлүнэн улахан экрааҥҥа тоҕус уус-уран уонна биир…
Хой Социальнай ситиминэн аһара үлүһүйэр, онон эрэ дуоһуйар буолбуккун. Дьиҥ олоҕуҥ аттыгынан элэҥнээн ааһаары гыммыт.…
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -6 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…