Өлөөн “Хатикота” хаһаайынын кэтэһэр

Share

Өлөөн улууһун дьаһалтатын дьиэтигэр икки сыл устата эрэллээх ыт хаһаайынын кэтэһэн сытар. Бу – улуус баһылыга Александр Иванов Доҕор диэн ааттаах ыта. Баһылык 2020 сыллаахха таба ыстаадатыгар бара сылдьан, сүрэҕэ тохтоон, суох буолбута.

Бу туһунан Өлөөн улууһун дьаһалтатын дьыалаларын салайааччы Василиса Спиридонова кэпсээтэ. “Доҕор хаһаайынын кэбиниэтин ааныгар кэлэн сытар, утуйар, кэмиттэн кэмигэр кэлбитэ буолуо диэн бэрэбиэркэлиир, кэтэһэр, сороҕор киһи курдук ыараханнык үөһэ тыынар. Бу бэриниилээх буолуу холобура киһи дууһатын таарыйар”, — диэн кини суруйар.

Александр Степановиһы биир дойдулаахтара олус ытыктыыллар этэ. Кэнники быыбарга быыбардааччылар 95 бырыһыаннара киниэхэ куоластаабыттара.

Олохтоохтор Доҕору Хатико диэн ааттыыллар. “Хатико” – Японияҕа буолбут түбэлтэни кэпсиир киинэ, Голливуд сулуһа Ричард Гир уһуллубута. Бу дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэ. Хатико диэн ыт хаһаайына өлбүтүн кэннэ, үлэтиттэн кэлэрин кэтэһэн, тимир суол ыстаансыйатыгар хас да сылы быһа күүппүтэ. Хатико өлбүтүн кэннэ, бэриниилээх буолуу бэлиэтэ диэн, дьоппуоннар өйдөбүнньүк туруорбуттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

34 минуты ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

2 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

15 часов ago