Өлөөҥҥө «Кэнчээри» уһуйааҥҥа оҕолору дьарыктыыр анал хостоннулар

Share

Өлөөҥҥө А.Т.Петрова салайааччылаах «Кэнчээри» уһуйааҥҥа оҕолору дьарыктыырга, сайыннарарга, эрдэттэн көмөлөһөргө аналлаах хос арылынна.

Уһуйаан сэбиэдиссэйэ А.Т.Петрова иллэрээ сыл СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр бырайыак суруйан граҥҥа кыттаннар, оҕо уйулҕатын үөрэтэргэ, сааһылыырга, оҕону дьарыктыырга тэрил ылбыттарын, ол түмүгэр бу анал хостоммуттарын этэр. Бэлиэтээбитинэн, бу үһүгэр диэри саастаах кырачааннарга кэлим көмөлөһөргө туһуламмыт. Маныаха төрөппүттэргэ эбэтэр оҕолору иитэ, көрө ылбыт дьоҥҥо (сокуоннай бэрэстэбиитэллэригэр) эмиэ туһалаах диэн этэллэр.

Маннык көмөнү оҥорор, тирэх буолар үлэ сыала-соруга уйулҕаҕа, билиигэ-көрүүгэ сирдииргэ, коррекционнай көмөнү оҥорорго, оҕолор дьон-сэргэ ортотугар сылдьа үөрүйэхтэнэллэригэр көмөлөһөр. «Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-медико-социальнай арыаллааһын киинэ» аныгы дидактическай матырыйаалларынан, оонньуурдарынан, бырагырааманан хааччыйбыт. Манна араас хайысхаларынан үлэлииллэр. Холобур, В.М.Акименко ньыматынан оҕо тылын-өһүн сайыннарарга, көннөрөргө, ону таһынан араас үөрэтэр оонньуулар ыытыллаллар уо.д.а. элбэх.

Кырачааннарга көмөлөһөр үлэҕэ уһуйаан сэбиэдиссэйэ, ыстаарсай иитээччи, учуутал-логопед, педагог-психолог киирэллэр. Маннык үлэлииргэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, 2023-2024 сылларга Дьокуускайга стажировкаламмыттар, онон оҕолорго көмө көдьүүстээх буоларыгар эрэнэллэр.

Аны туран, маннык үлэ уһуйааҥҥа биирдиилээн оҕону кытары эбэтэр бөлөҕүнэн ыытыллар. Ону таһынан куйаар ситимин туһанан ыраахтан олорон эмиэ дьарыктыахха сөп. Бу курдук кырачааннарга эрдэттэн көмөлөһөр сулууспа хоһо арыллыбыта Өлөөн улууһугар оҕолорго да, төрөппүттэргэ да улахан туһалаах буоларыгар эрэнэллэр.

Давид Долгунов,

Өлөөн.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

4 часа ago